Үөһээ Бүлүүүгэ ыытыллыахтаах 20-с Үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын тула Правительство хамыыһыйатын улууска буолбут уочараттаах мунньаҕар бэрэссэдээтэл Галина Данчикова соруктары туруорда.
Кэпсэтиигэ ыраас уу, уот ситимин күүһүрдүү, суол оҥоһуутун тула элбэх санаа атастаһыыта барда. Буоларын курдук, Галина Иннокентьевна туох ыарахаттар баалларын туоһуласта, туһааннаах боппуруостарга чопчу эппиэттэри биэрдэ. Итиэннэ: «Спартакиада буолара биир сылтан ордук эрэ кэм хаалла, хайдах да бытаарар табыллыбат, болдьоммут кэмҥэ тутуу үлэтэ барыта кэмигэр бүтүөхтээх. Улуус баһылыга Владимир Семенович, ирдэһэн, туруорсан, тутуу болдьоҕун, хаачыстыбатын тус хонтуруолгар ыларгар, манна олохтоохтор эмиэ кыттыһаргытыгар баҕарыам этэ. Уларыйыылар да киирдэхтэринэ, көрүллүбүт, былааннаммыт үптэн-харчыттан тахсарбыт сатаммат» — диэн тоһоҕолоон эттэ.
Маны сэргэ, республикатааҕы лицей-интернат тутуута, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум остолобуойун уонна интернатын капитальнай өрөмүөнэ бу дьыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри Үөрэх уонна профессиональнай үөрэхтээһин министиэристибэлэрин хонтуруолларынан быһаарыллыаҕа диэн буолла. Ипподром тутуутун үбэ-харчыта (5 мөл.солк.) суһаллык чуолкайданыахтааҕын эттилэр. Итиэннэ ОДьКХ начальнига Василий Николашкин: «Ыраас ууну аналлаах иһиттэргэ кутар линия, водозабор емкоһа дьэбинирэн турарынан сибээстээн, Бүлүүлэр киэннэрин курдук пластиковай матырыйаалынан оҥоһуллуохтааҕа бырайыагынан көрүллэн турар» — диэн эттэ. Онуоха Правительство бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова иһэр уу боппуоруоһа саамай наадалаах, тыын боппуруос буоларынан, маны хайаан даҕаны быһаарыахпыт диэтэ.
Предпринимательство уонна туризм миниистирэ Екатерина Кормилицина олохтоох урбаанньыт Светлана Сортолова «Алгыс» банкетнай саалатын олус биһирээн, улууска маннык иккис тэрилтэ баар буоларыгар күүс-көмө буолуом диэтэ. Онон саҥа дьиэни тутуу дуу, «Гермес» остолобуойун тупсарыы дуу тула кэпсэтии барар. Дьон-сэргэ сомоҕолоһон, онно эбии гражданскай уопсастыба институтун миниистирэ Сардаана Гурьева быһаччы оруолунан, барыта кыаллыахтааҕын эттэ.
Билигин бөһүөлэккэ элбэх функциялаах спортивнай саала, 3000 миэстэлээх стадион тутулла турар.
«Манчаары Оонньуулара» спортивнай күрэхтэһии 2017 сылга от ыйын 6-10 күннэригэр Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар буолуоҕа.
This post was published on 26.04.2016 10:28 10:28