Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, «Биир ньыгыл Россия» баартыйа барыллааһын куоластааһынын кыттыылааҕа Галина Данчикова муниципальнай тэриллиилэр, куорат уокуруктарын баһылыктарын кытта көрсүһүүтүгэр оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Тэрээһин видеоконференция режиминэн барда.
СИА билбитинэн, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ 607,5 мөл.солк. көрүллүбүт. Ити былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 12,4 мөл.солк. элбэх. Бу иннинэ федеральнай субсидия чуолкайданарын саҕана 548 мөл.солк. диэн этиллэн турар.
Бу сайын сынньалаҥ, доруобуйа туругун тупсарар өрөспүүбүлүкэ ис уонна тас өттүнээҕи тэрилтэлэргэ уопсайа 62 100 оҕо барыаҕа. Кинилэр Краснодарскай уонна Саха сирин санаторийдарыгар барар кыахтаннылар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы «Артек», бүтүн Россиятааҕы «Океан» уонна «Орленок» кииннэргэ оҕолор сынньана барыахтара. Үөрэххэ, уопсастыбаннай үлэҕэ, олимпиадаларга, куонкурустарга ситиһиилэрдээх оҕолору маннык путевкаларынан наҕараадалыахтара.
Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ улуустар төһө бэлэмнээхтэрин, маныаха баһаары утары үлэ, аһылыгынан хааччыйыы тустарынан мунньах кэмигэр эттилэр. Булуҥ улууһун баһылыга Константин Шахурдин кинилэргэ оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ эбии үп-харчы наадатын эттэ. Онуоха Галина Данчикова үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ бу боппуруоһу быһаарарыгар сорудахтаата.
«Оҕолору кытта үлэлиир дьон остуораһыгар тиийэ бука бары бэрэбиэркэлэниэхтээхтэр. Былырыын сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр түөрт буруйу оҥоруу, ол иһигэр Алдаҥҥа оҕону күүһүлээһин тахсыбыта», — диэн ИДьМ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар отделение начальнига Елена Морозова эттэ.
Баһылыктар отчуоттарын истэн баран премьер-миниистир сорудахтары эттэ. «Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕоҕо куттал суоһуо суохтаах. Стационарнай, балаакка лааҕырдарга, ол иһигэр туристар базаларыгар ураты улахан болҕомто ууруллуохтаах. Ойуурдаах сирдэргэ, нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи баар сынньанар сирдэргэ уот куттала үөскээбэтин туһугар сэрэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтар», —диэтэ Галина Данчикова.