Государственнай Мунньах (Ил Түмэн) уочарааттаах пленарнай мунньаҕар Госдума дьокутаата Галина Данчикова кыттыыны ылла. Кини норуот талбыт дьокутааттара, Саха сирин олохтоохторо дойду парламеныгар кинини эрэммиттэрин, итэҕэйбиттэрин иһин махтанна.
«Саха сиин барыбыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэбин парламентарийдар өйөөбүттэрин иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ Госдума дьокутаата буоларбар итэҕэйбиттэрин иһин дириҥник махтанабан. Саха сиригэр олох таһыма үрдүүрүгэр туһуламмыт сыалга-сорукка күүспүн-уохпун, билиибин-көрүүбүн, уопуппун ууран туран үлэлиэм», — диэтэ кини.
Парламент бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Галина Данчикова үлэлиир кэмигэр бырабыыталыстыба уонна парламент икки ардыларыгар үтүө сыаһыан, көдьүүстээх үлэ бигэтийбитин эттэ.
«Галина Иннокентьевна уопсай дьыала иһин сыал-сорук туруорунан эппиэтинэстээхтик үлэлиир уратылаах. Саҥа дуоһунаска ити хаачыстыбалар наадалаах буолалларыгар кыратык да саарбахтаабаппын. Биһиги Госдумаҕа киллэрэр сокуонунан көҕүлээһиннэрбит өйөнүөхтэрэ диэн бүк эрэнэбин», — диэтэ кини.
This post was published on 25.10.2016 11:30 11:30