Галина Данчиковаҕа Үөһээ Бүлүү Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэрилиннэ

Бэҕэһээ, РФ Госдууматын дьокутаата Галина Данчикова киэһэ биэс чаас саҕана сөмөлүөтүнэн Үөһээ Бүлүүгэ көтөн кэлээт, социальнай  эбийиэктэри көрбүтэ-истибитэ. Салгыы улуус дьаһалтатыгар киэһэ хойукка диэри улуус  олохтоохторун кытары көрсөн, туох кыһалҕалаахтарын иһиттэ.


Салгыы улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар Галина Данчикова тэрилтэ салайааччыларын кытта көрүстэ. Көрсүһүү саҕаланыытыгар Владимир Поскачин Галина Иннокентьевнаҕа улуус социальнай-экономическэй сайдыытыгар быһаччы кылаатын иһин Үөһээ Бүлүү Бочуоттаах олохтооҕо аат бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Санатар буоллахха, Галина Данчикова   дьаһалынан улууска Боотулуу суола оҥоһуллубута, Үөһээ Бүлүүгэ таас саҥа поликлиника, 4 №-дээх орто оскуола тутуллан үлэлии тураллар.

“Галина Иннокентьевна СӨ бырабыыталыстыбатын салайар кэмигэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата таһаарыылаахтык күүскэ үлэлээбиппит. Улуус сайдыытыгар кинини кытта элбэх үлэни, былааны үмүрүппүппүт. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит биллиилээх уопсастыбаннай деятелэ Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүн кини  салайан ыыппыта. Ону бары бэркэ диэн билэҕит. Улууспут сайдыытыгар үтүөлэрин сыаналаан бу үрдүк ааты туттардыбыт”, — диэн Владимир Поскачин эттэ.

Салгыы Галина Данчикова: “Улуус Бочуоттаах аатын иҥэрбиккитинэн ис сүрэхпиттэн барыгытыгар махтанабын, олус соһуччу буолла. Бэҕэһээ- бүгүн биирдиилээн дьону кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттим. Маннык көрсүһүү көдьүүһэ быдан улахан. Уопсай мунньахха дьон санаатын аһаҕастык эппэт. Тэрилтэ салайааччылара эрэ дакылаат быһыытынан саҥарыа-иҥэриэ этилэр. Оттон биирдиилээн көрсүһүүгэ норуот хайдах, тугу саныыра дьэҥкэтик көстөр.

Дүллүкү нэһилиэгиттэн түөрт оҕолоох Лилия Семенова бэкээринэ аһан нэһилиэнньэни килиэбинэн хааччыйар эбит. Өссө хас да киһи ити бэкээринэҕэ үлэлээн хамнас аахсаллар. Кини саҥа оборудованиены атыылаһыыга туох көмө баар буолуон сөбүн туһунан кэпсэттэ. Килиэп астыыр оһоҕо маһынан оттуллар былыргы үйэтээҕи эбит. Дьэ манна хайаан да сөптөөх көмө оҥоһуллуохтаах. Маныаха сөптөөх бырагыраамалар үлэлииллэр”, — диэн эттэ.

Галина Иннокентьевна салгыы Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын кытта дьон олоҕо тупсарын туһугар бииргэ үлэлииргэ өрүү бэлэмин иһитиннэрдэ. Салгыы Госдуума дьокутаата Ньурба улууһугар барда.

This post was published on 14.03.2018 14:15 14:15