Бэс ыйын 5 — 15 күннэригэр Госавтоинспекция сотрудниктара Саха сирин суолларыгар маассабай бэрэбиэркэҕэ тахсыахтара уонна рейдэлэри ыытыахтара.
Госавтоинспекция этэринэн, «Суол» тэрээһин кэмигэр ДПС нэрээтэ элбиэҕэ, ГАИ сотрудниктара нэһилиэнньэлээх пууннарга киириигэ, тахсыыга туруохтара. Ордук болҕомто итирик туруктаах уруулга олорооччуларга, сатыы сылдьар суол быраабылатын кэһээччилэргэ, мототырааныспарынан сылдьар суоппардарга ууруллуоҕа.
Тэрилтэ күүһүрдүллүбүт эрэһиимҥэ үлэлиэҕэ.
Саха сирин олохтоохторуттан суол быраабылатын кэһээччилэри, итирик туруктаах уруулга олорбуттары көрдөххүтүнэ бу нүөмэрдэринэн 102, 127 эбэтэр 47-35-69, 35-22-22 биллэрэргитигэр көрдөһөллөр.
This post was published on 06.06.2024 12:01 12:01