Саха сиригэр гаас сыаната от ыйыттан 5,8% үрдүөҕэ, тарыыпка анал надбавка бигэргэммитинэн. Бу дойдуга социальнай газификация бырагыраамата олоххо киирбитин кытта сибээстээх. Бу туһунан сыана кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова соцситимҥэ кэпсээтэ, суруйар СИА.
Антонина Винокурова эппитинэн, социальнай газификация бырагыраамата дойду президенин сорудаҕынан олоххо киирэр. Гаас тиийбит нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторо бу оттук көрүҥүнэн туһаныахтаахтар.
«Гаас тиийбит нэһилиэктэригэр биир да дьиэ гааһа суох хаалыа суохтаах. Биллэн турар, маанна олус элбэх харчы наада. Гаас магистралларын ситимнэрэ бачча иэни учуотаабаттар, онон хас биирдии дьиэҕэ тиийиигэ элбэҕи оҥороллор. Сокуоҥҥа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ гаас тарыыбар анал надбавка бигэргэммитэ. Ирдэбиллэргэ олоҕуран, нэһилиэнньэни гаастааһыҥҥа инвестицияҕа наадыйыыны аахтыбыт уонна бу надбавканы бигэргэтэр наадалааҕын быһаардыбыт», — диэтэ кини.
«Надбавка гааска сыананы үрдэтиэҕэ. Биһиги суоттааһыммытынан — 5,8%. Манна инфляция учуоттанар. Сыана биһигинэн бигэргэммэт, федеральнайдааҕы антимонопольнай сулууспанан оҥоһуллар. Биһиги анал надбавканы бигэргэтэбит. Антимонопольнай сулууспа тэрилтэ этиитин ылыннаҕына, өссө манна инфляция эбиллиэҕэ. Биһиги борогунуоспутунан, сыана 8-9%-тан улаатыа суоҕа. Бу быйыл эрэ. Кэлэр сылтан сыана инфляцияттан эрэ тутулуктаныаҕа», — диэтэ.
This post was published on 21.01.2022 14:02 14:02