Үгүс улууска обсерватор бэлэм буолла

Үгүс улууска обсерватор баар буолла. Бу туһунан вице-премьер Ольга Балабкина уочараттаах брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. 


Коронавируһунан ыалдьыы, билиҥҥи туругунан, эбиллибэтэ. Эрдэтээҥи сэттэ киһи эмтэниини ааһаллар.

Ольга Балабкина уочараттаах иһитиннэриитигэр, Новосибирскайга өссө үс киһи анаалыһа ыытыллыбытын эттэ.

«Бүтэһик икки нэдиэлэ иһигэр кыраныысса таһыттан Саха сиригэр кэлбит дьону кытта үлэ ыытыллар. Олохтоохтор бэйэлэрэ эппиэтинэстээх буолуулара наада, кинилэр хайаан даҕаны тустаах тэрилтэлэргэ биллэриэхтээхтэр», — диэн Ольга Балабкина эттэ.

Иһитиннэриини доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин эбэтэр Роспотребнадзор суһал линияларыгар эрийэн этэллэрэ ирдэнэр: 8-800-100-14-03, 8-800-100-00-04.

Хаартыска интернеттэн.

This post was published on 24.03.2020 14:05 14:05