Үгүлээт нэһилиэгэр «Ыраас уу» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан үлэ саҕаланна. Ол туһунан баһылык Октябрь Лукин «Олох суола» хаһыакка кэпсээтэ.
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр «Ыраас уу» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан сир анныттан иһэр ууну ыраастаан ылар ситими тутууга бэлэмнэнии саҕаланна. Эбийиэк 2024 сылга олоххо киириэхтээх.
Октябрь Лукин иһитиннэрбитинэн, Бүлүү улууһун бюджетыттан 9,5 мөл. солк. көрүллэн, сир аннынааҕы ууну көрдөөһүҥҥэ аукцион биллэриллибит. Ол түмүгүнэн «Якутгеология» АУо тэрилтэни кытта контракт туһэрсиллибит. Сири-уоту чинчийиигэ, кэмнээһиҥҥэ, докумуон оҥоруутугар элбэх үлэ ыытыллыбыт. Бу күннэргэ уопсастыба буурдааһын үлэтин ыытар. 150 м аллараа үүттээн түһэн, дьэп-дьэҥкир ыраас ууну хачайдаан таһаардылар. Уу баар, сөптөөх саппаастаах диэн буолла.
«Бу бастакы улахан ситиһии. Билигин үс суукка тухары ууну хачайдыыллар уонна анаалыстары оҥороллор. Ону таһынан сайыҥҥы өттүгэр емкоска хачайдыырбытыгар насос туруораллар, эбии кыһын тоҥмотугар диэн электро-ититэр кабель туруораллар. Онон бэлэмнэнии үлэтэ бүтэр. Биһиги өттүбүтүттэн бырайыак оҥотторуута салгыы барыахтаах. Бу күннэргэ МАУ «Хотугу Бүлүү» бэйэбит тэрилтэбит сир аннынааҕы ууну туһаҕа таһаарарга, туттарга диэн «Якутнедраттан» лицензия ылыахтаах. Инникитин онон насоснай станция тутулуннаҕына бэйэбит тэрилтэбит, олохтоох дьон үлэлиэҕэ«, — диэтэ баһылык.
This post was published on 04.04.2022 15:02 15:02