Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэ Түҥ өрүс орто тардыытыгар олорор. Мааны айылҕаларын олохтоохтор олус харыстыыллар. Сылын аайы нэһилиэнньэ Эбэлэрин арчылыыр, ыраастыыр сыалтан мустан манна Балыксыт күнүн тэрийэр.
Үгүлээттэри көҕүлүүр тэрээһини аан бастаан Байрон Иванов саҕалаабыта. Кини этэринэн, бу Байанай бырааһынньыга урукку өттүгэр от ыйын саҕаланыыта буолара да, быйыл ардахтаах дьыл буолан, ортотугар ыытылынна. «Бу күнү дьон олус күүтэр, ол иһин көхтөөхтүк кытталлар. Кыралыын улаханныын бары бииргэ сынньалаҥнарын атаараллар. Быйылгы бырааһынньык сэттис төгүлүн ыытылынна», — диир кини.
Манна балыктааһын мындырыгар эдэрдэри үөрэтэр сыалтан араас күрэхтэһиилэри тэрийэллэр. Саастаахтар эдэрдэрин балыкка бултааһын тэрилин оҥорууга, харайыыга, сиэрдээхтик туттууга такайаллар. Ити барыта күрэхтэһии хаамыытыгар уһуйуллар. Ол иһин бастыҥтан бастыҥнар баар буолаллар.
Муҥха
1 миэстэ:
Яковлев Кэнчээри.
Яковлев Манчаары.
Петров Иннокентий.
2 миэстэ:
Христофоров Яков.
Иванов Степан.
Алексеев Николай Петр.
3 миэстэ:
Алексеев Владислав.
Алексеева Евдокия.
Николаев Афанасий.
Блесна
1 миэстэ Чабыев Валерьян.
2 миэстэ Долгунова Светлана.
3 миэстэ Алексеев Миша.
Асчыт күрэҕэ
1 миэстэ Софронова Татьяна.
2 миэстэ Кузнецова Лидия.
3 миэстэ Спирдонова Ольга.
Анал бириистэр
Кырдьаҕас балыксыттар:
Е.З. Алексеев.
Николаева Мария.
Саамай улахан балык иһин Долгунова Светлана.
Икки чаас иһигэр үс муҥха күрэхтэстэ, төрдүс уопсай муҥха буолла. Ас-үөл дэлэгэйдик тардылынна: сылаас бэрэски, быырпах, отон утаҕа, алаадьы тэлгэннэ, сибиэһэй балыгы утары кытта буһардылар.
This post was published on 24.07.2016 17:15 17:15