Бүлүү улууһун Үгүлээтин Аһымаах аартыгыттан эр дьону сэриигэ атаарбыттара. Кыайыы күнүн көрсө ол миэстэҕэ оҕолоро, сиэннэрэ тиийэн сибэкки уурдулар.
Үгэскэ кубулуйбут тэрээһиҥҥэ сылын аайы бэтэрээннэр кыттыылара, хомойуох иһин, аҕыйаан иһэр. «Былырыыҥҥытааҕар киһи аҕыйах соҕус, ол да буоллар бэркэ ааста. Тыыл бэтэрээннэрэ доруобуйаларын туругунан кыайан барсыбатылар», — диэн кэпсииллэр олохтоохтор.
Сэрии тулаайахтара Анастасия Мандарова уонна Николай Алексеев ааспыт оҕо саастарын ыар кэмин санаатылар.
Былырыын бу сиргэ сэриигэ барбыт буойуттарга аналлаах өйдөбүнньүк Бэлиэ туруоруллубут. Онно оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, биир дойдулаахтара тиийэн буойуттар сырдык ааттарын ааттаатылар, кинилэргэ махталларын биллэрдилэр.
This post was published on 09.05.2016 11:41 11:41