Хатаска сайдыбыт, маассабай кэрэхсээһини ылбыт спорт көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ футбол буолар. Футбол диэтиҥ да, Максим Павлович Осипов аата ааттанар. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Нерюнгри спортивнай оскуолатын футболга хайысхатын иһинэн Хатаска филиал арыллар. Манна кини үс-түөрт сыл уопсастыбанньык быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлиир.
Спорт бэтэрээнэ Константин Дмитревич Гаврильев салгыы үлэлиэн баҕалаах үөрэнээччитин Максим Осиповы өйөөн-өйдөөн, спорт үрдүкү салалтатын кытта көрсүһүннэрэн, итэҕэтэн, Хатаска футбол сайдыытыгар улахан үтүө дьыаланы оҥорон турардаах.
Максим Павлович бу эрэли-итэҕэли түһэн биэрбэккэ олус үчүгэйдик былааннаан, инникигэ көрүүлээх, билиҥҥигэ ситиһиилэрдээх үлэлээбитэ. Хатас футболистарын аата араас таһымнаах күрэхтэргэ кыайыылаахтар кэккэлэригэр кииртэлээбиттэрэ, ыччат эмиэ бу көрүҥҥэ сыстан, сылын аайы буолар үгэскэ киирбит күрэхтэр, көрсүһүүлэр баар буолуталаан испиттэрэ. Ол гынан баран дьылҕа-хаан тургутуга биир күн ол үлэни, баҕа санааны күдэҥҥэ көтүппүтэ, физзалбыт уокка былдьаммыта. Инньэ гынан бу көрүҥүнэн дьарыктанааччылар кытаанах балаһыанньаҕа киирбиттэрэ.
Хатас оскуолатын кэлэктиибэ, салалтата төһө да өйдөөтөр, көмөлөһүөн баҕардар, бу түгэҥҥэ аккаастыырга күһэллибитэ. Ити курдук күн бүгүн футболга сезоннай көрүҥ курдук эрэ дьарыктыырга күһэллии баар. Тутулла турар спорт дыбарыаһыгар бу көрүҥ хайаан да баар буолуо эрэл санаалаахпыт.
Бүгүҥҥү суруйуум киһи сүрэҕэр, дууһатыгар хаһан эрэ киирбит кыым умуллубакка сырыттаҕына умайан тахсарын туһунан буолуо. Ол курдук Максим Павлович дьиҥ чахчы баҕалаах уонна уһуйар-угуйар дьоҕурдаах буолан, дьарыктаабыт оҕолоро киниэхэ үөрэнэллэрин-дьарыктаналларын саҕана ылбыт сатабылларын атын да сиргэ тиийдэхтэринэ илдьэ сылдьан, күөдьүтэн таһааран, сулустаах чаастара кэлэрин истэрэ төһөлөөх үчүгэй буолуой.
Холобур, Павлов Александр Хатас орто оскуолатын бу сылларга бүтэрбитэ. Оскуола саҕаттан көрдөххө оргууй наллаан сылдьар курдук да буоллар, элбэх тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, кэнсиэрдэргэ, күөн көрсүһүүлэргэ кыттара. Хатас норуодунай театрын кытта “Күн туһугар” диэн испэктээккэ оонньоон, Үөһээ Бүлүү улууһун үс нэһилиэгэр гастролга бэрт ситиһиилээхтик сылдьыбыта. Оскуолаҕа үөһээ кылаастар уопсастыбаннай сэбиэттэрин көхтөөх кыттыылааҕа, элбэх тэрээһиннэри, биэчэрдэри салайан, тэрийэн ыытыһара уонна сүрдээх дьоһуун ыытааччы (конферансье) быһыытынан биллэрэ.
Кини кылааһын салайаайыччытын Розалия Дмитриевна Туприна биир эрэнэр, киэн туттар, куруутун көмө-тирэх буолар үөрэнээччитэ. Күн бүгүн кини күөгэйэр сааһыгар, эдэр саас саамай дьоллоох кэмигэр сылдьар – кини устудьуон. Быйылгы сылга үктэнэн баран, Москва куоракка улахан таһымнаах күрэххэ — футболга — өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, олус ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Хамаандата миэстэлэһэригэр быһаарыылаах бааллары киллэрэн, хайҕал, киэн туттуу, өрө көтөҕүллүү диэни этинэн-хаанынан биллэ.
Саша олус тулуурдаах-дьулуурдаах уонна туппутун ыһыктыбат күүстээх санаалаах. Кэлиҥҥи сылларга кини доруобуйатыгар улахан харгыстары көрүстэ, тургуутуну ааста. Ол гынан баран, туох баар санаатын түмэн, муннукка анньыллабакка, муҥатыйа олорбокко үтүөрэрин ааһан, дьарыктанан, чөлүгэр түһэн, маннык улахан таһымнаах күрэххэ кииристэ.
Александр Павлов – устудьуон, спортсмен, көхтөөх эдэр ыччат, Хатас оҕото!
Ааптар: Наталья Руфова
This post was published on 13.03.2023 14:01 14:01