Куттал суох буолуутун федеральнайдааҕы сулууспатыгар үлэлээбит дьон, уурайбыттарын кэннэ, кыраныыссса таһыгар тахсар бырааптара быстах кэмҥэ хааччахтаныан сөп. Сокуон ахсынньы 27 күнүттэн үлэтин саҕалаата, диэн «Парламентская газета» суруйар.
Саҥа сокуон бэрээдэгин ФСБ быһаарыа. Сокуоҥҥа олоҕуран, хааччахтааһын биэс сылга диэри болдьохтоох.
Манна биэнсийэҕэ тахсыбыттар, контрактара бүппүттэр, баҕа өттүнэн уурайбыттар эбэтэр атын ханнык баҕарар биричиинэнэн уурайбыттар хабыллаллар.
Сокуон ааптардара этэллэринэн, ФСБ-га үлэлии сылдьыбыт дьону харыстыыр сыалтан маннык миэрэ ылыллар. Кэнники кэмҥэ атын дойдуларга ФСБ-га үлэлии сылдьыбыттары тутан, кинилэри сулууспалаабыттарын эрэ иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыы элбээбит.
Билигин итинник түбэлтэ тахсар түгэнигэр, бу сокуоҥҥа олоҕуран, киһини көмүскүүр кыах үөскүөҕэ, диэн ааптардартан биирдэстэрэ, Госдума куттал суох буолуутугар уонна коррупцияны утары үлэҕэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Хинштейн быһаарда.
This post was published on 28.12.2019 10:33 10:33