Фермергэ сир учаастагын "без торгов" биэриэхтэрин сөп

РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна ОНФ судаарыстыба өйөбүлүн миэрэтин кэҥэтэр былааннаахтар, бу туһунан ФермерТВ кэпсээтэ.


Судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин ситэрии-хоторуу, фермердэргэ сир учаастактарын “без торгов” биэрии уонна да атын дьоҕус агробизнеһи сайыннарыыга аналлаах тиэмэлэргэ Минсельхоз уонна ОНФ кэпсэттилэр.

Манна этиллибитинэн, судаарыстыба өйөбүллээх программаларга кыттыбыт КФХ-ларга сири биэриини судургутутар, ол эбэтэр “без торгов” 5 сылга диэри болдьохтоон биэрэр туһунан сокуон барыла оҥоһуллубут.

Маны сэргэ мунньах кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын техникатын, фермер үбүн эргиирэ кырыымчык түбэлтэтигэр, биэрии боппуруоһа турда.

Быйылгыттан “Семейнайга” – растениеводство хайысхатыгар эмиэ грант бэриллэр буолла. Бу иһинэн сельхозтехника ылыахха сөп диэн суруллар официальнай иһитиннэриигэ.

«Семейнайга” бэйэ утары уунар үбэ граҥҥа көрдүүр суумаҕыттан 10% буоларын туһунан эмиэ иһитиннэрэн турабын.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ маны сэргэ тыа сиригэр олорор усулуобуйаны тупсарыыга баар кыаҕы кэҥэтэр былааннаах

Тыа сирин биир кэлим сайыннарыыга анаммыт программаҕа уларытыылары киллэриигэ бырайыагы Россия минсельхоһа бэлэмнээтэ. Онно сурулларынан, судаарыстыбаннай өйөбүллээх дьиэни тутуу уонна ылыы кыаҕа кэҥэтиллиэхтээх. Докумуон бырайыагар олоҕуран, социальнай төлөбүргэ бырааптаах нэһилиэнньэ категориятын испииһэгэ кэҥэтиллэрэ этиллэр. Манна лесничество уонна ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, ону сэргэ тыа сиригэр көһүөн баҕалаахтар киллэриллэллэрэ суруллар.

Уураах бырайыага маны сэргэ көрүллүбүт үбү, өскөтүн дьиэ туттар буоллахтарына, 2 сыл болдьохтоон биэрэргэ этэр.

Маны сэргэ, муниципалитеттар федеральнайдааҕы субсидияны дьиэни социальнай наймыга эрэ анаан тутууга буолбакка, баар дьиэни атыылаһыыга эмиэ тутталларын көҥүллүөхтэрэ.

Бырайыак regulation.gov.ru саайтка таҕыста уонна уопсастыбаннай дьүүллэһиини ааһар.

This post was published on 11.05.2021 14:03 14:03