Россияҕа сир учаастактарын туттууга көрүҥүн быһаарыы систиэмэтин тупсарар былааннаахтар. Холобур, фермердэргэ хаһаайыстыбаларын тутар учаастактарыгар дьиэ тутталларын көҥүллүөхтэрэ. Маннык сокуон барылын депутаттар Госдуума күһүҥҥү сессиятыгар көрөр былааннаахтар, “Парламентская газета” суруйар.
Билигин практика көрдөрөрүнэн, сир учаастагын туттар көрүҥү дэбигис уларытыллыбат. Сорохторго олох да бобуулаах. Ити сөптөөх федеральнайдааҕы сокуон суоҕун кытта сибээстээх.
Ол иһин барыл ааптардара Сир кодексыгар эбиилэри киллэрэр этиилээхтэр. Чуолаан, сир учаастактарын көрүҥнэрэ сөптөөх регламеннарынан ананаллар: куораты тутуу регламенынан, лесничество ойуур хаһыыйыстыбатын регламенынан, ойуур пуондатыгар баар ойуур пааркатынан, оһуобай харыстабыллаах айылҕа территорияларын балаһыанньатынан. Этиллибит докумуоннар РФ сокуонунан бигэргэтиилээхтэр.
Онон, регионнар бэйэлэрин социальнай-экономическай уратыларын учуоттаан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга туһалаах сирдэр көрүҥнэрин уларытар уонна бигэргэтэр кыахтаныахтара.
Холобур, бааһынай хаһаайыстыбаҕа бэриллибит сир учаастагар олорор дьиэ туттар көҥүллэниэн сөп. Ити эрээри кэккэ хааччахтардаах буолуоҕа.
Сиһилии https://ysia.ru/fermeram-razreshat-stroit-doma-na-zemlyah-selhozugodij/
This post was published on 25.09.2020 15:01 15:01