Фермердэр тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэригэр олорор дьиэлэрин тутталлара көҥүл буолла. Сокуон кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирдэ.
Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сирдэргэ урукку өттүгэр олорор дьиэни туттар бобуулааҕа. Бу, сокуону оҥорооччулар толкуйдарынан, дьоҕус предпринимательство, чуолаан, фермердэр хаһаайыстыбалара сайдарыгар мэһэй буолара.
Саҥа сокуонунан фермер хаһаайыстыбата баар сиригэр биир дьиэни туттара көҥүл буолла.
Дьиэ элбээбитэ үс этээстээх буолуохтаах, уопсай иэнэ 500 кв м кэҥиэ суохтаах.
Дьиэ таһынааҕы сир иэнэ сир учаастагын иэниттэн 0,25 бырыһыантан элбэҕи ылыа суохтаах. Дьиэни сиргэ сыһыараллар, онон хаһаайын туттубут дьиэтин атын сыалга туттар, анабылын уларытар түгэнигэр, судаарыстыба киниттэн дьиэтин былдьыыр бырааптаах.
Хас бирдии регион ханнык муниципалитекка фермер дьиэлэрин тутуу бобуулааҕын бэйэтэ быһаарар.
Источник: Парламентская газета.
Автор: Ольга Шульга
This post was published on 05.03.2022 15:01 15:01