Фермер Федор Огоюкин ардахха да оттуурга сөптөөх ньыманы толкуйдаата

Саха сирин фермерэ Федор Огоюкин тобулан, толкуйдаан таһаарбыт оттуурга ньымата күүһү, бириэмэни кэмчилиирин таһынан ардах, тоҥоруу да кэмигэр үлэ тохтооботун хааччыйар. Маны кини 15 сыл устата иитиэхтээн таһаарбыта биллэр.


Тулагы Киллэмҥэ баар «Быйаҥ» хаһаайыстыба баһылыга Федор Огоюкин күн-дьыл туругуттан тутулуктанан отооһуҥҥа үөскээбит ыарахан да кэмнэргэ чэпчэкитик оттуур.

«Тыа сиригэр көмөлөс!» акция чэрчитинэн ыччат министиэристибэтин, бырабыыталыстыбатын уонна «Сахамедиа» эдэр дьоно бу хаһаайыстыбаҕа көмөлөһө тиийэ сырыттылар.

Хаһаайыстыба 70 сүөһүлээх, сүрүннээн оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар. Дохуот баһыйар үксэ ыаммыт үүттэн киирэр.

«Оттооһун кэмигэр чахчы, бириэмэ ыгым. Онон, мин толкуйдаабыт ньымам улаханнык көмөлөһөр. Сотору кэминэн дьон-сэргэ бу табыгастааҕын өйдүөҕэ. Биһиги уопупуттун кытта үөрэ-көтө үллэстэбит», —диир кини.

Фермер кистэлэҥин туһунан кэпсиир буоллахха, оту инчэҕэйдии хаһаайыстыбаларыгар тиэйэн илдьэллэр уонна анаан оҥоһуллубут тутуллан иһэр эркиннэргэ уурталыыллар. Бу түмүгэр от түргэнник куурар.

Ньыма өссө биир үчүгэйэ – оту хомуйарга, тиэйэргэ тиэхиньикэ наадата суох. Фермер этэринэн кинилэр күҥҥэ икки-үс эрэ чаас үлэлииллэр.

«Мин урут спордунан дьарыктаммытым. Онно өйдөөбүппүнэн, күүс-уох хаһан баҕарар саппааска хаалыахтаах. Ноҕоруусканы аһара күүскэ буолбакка, сыыйа-баайа улаатыннарыахтааххын. Олоххо да, хаһаайыстыбаҕа да оннук. Аһары илистибэккэ, бигэтик барыахха наада», — диир Огоюкин.

Билигин «Быйаҥ» хаһаайыстыба күн-дьыл туругттан тутуллубат. Ити түмүгэр бигэ дохуоттаах. Быйылгы ардахтаах дьылга кини ньымата өрөспүүбүлүкэ дьонугар барыларыгар туһалаах буолуоҕар эрэнэр.

«Үлэлээбиппит алта сылыгар куораттан босхо көмөлөһөөччү диэн хаһан да кэлэ илигэ. «Тыа сиригэр көмөлөс!» — үтүө саҕалааһын. Өрөспүүбүлүкэ маннык судургу уонна көдьүүстээх ньыманы туһанара буоллар диэн баҕа санаалаахпын», — диир фермер.

This post was published on 24.08.2016 10:21 10:21