Быйылгы үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 632 оскуола үлэлиир, манна барыта 135 тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэнэр. Оскуолалар 63 % саха тылынан үөрэтэллэр, үөрэнээччилэр уопсай ахсааннарыттан 16,7 % саха тылын уонна литературатын булгуччулаах предмет быһыытынан үөрэтэллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха тылын үөрэтии сүрүннээн 1922 сыллаахтан саҕаламмыта.
Эбээн тылын 13 оскуолаҕа үөрэтэллэр; эбэҥки тылын – 11; юкагир тылын – 2; чукча тылын – 1; долган тылын – 1 оскуолаҕа үөрэтэллэр. Үгэс курдук, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Кэбээйи, Томпо, Нерюнгри улуустарыгар эбээн, эбэҥки, чукча уонна юкагир тылларын тэҥҥэ тутан үөрэтэллэр. Хотугу норуоттар сүтэн эрэр тылларын тилиннэрэргэ көхтөөх үлэ Өлөөн, Эдьигээн, Верхоянскай, Алдан, Анаабыр улуустарыгар ыытыллар. Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр – Анаабыр улууһун Дьабарыкы-Хайа нэһилиэгэр быйылгы үөрэх дьылыттан “Долган тыла уонна литературата” үөрэх предметэ киирдэ. Эрдэ оҕолор долган тылын уонна литературатын эбии факультатив дьарыгын быһыытынан үөрэтэллэр этэ. Маныаха үөрэтии, үгэс курдук, саха тылынан ыытыллар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар оҕолорун оскуола иннинээҕи тэрилтэлэртэн саҕалаан, төрөөбүт тылларынан үөрэтиини тэрийии ирдэнэр.
Саха сиригэр үөрэх национальнай компонена
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов көҕүлээһининэн СӨ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрии уопсастыбаннай дьүүллэһии түһүмэҕэр сылдьар, сокуон бырайыага муус устар 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Парламеныгар төгүрүк остуолга көрүллүөҕэ, маны таһынан http://iltumen.ru/node/11940 аадырыска интерактивнай чэрчи арылынна. Сокуоҥҥа киирэр уларытыылартан биирэ өрөспүүбүлүкэ национальнай, этнокултуурунай уонна атын уратыларын учуоттаан, судаарыстыбаннай үөрэх стандартын нуорматын олохтуурга сыһыаннаах.
Национальнай оскуолаҕа үөрэтии уратыларын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин миниистирэ Феодосия Габышева кэпсиир.
Үгэс буолбут укулааты чөл хаалларыы
Оскуола үөрэҕин программатыгар национальнай уонна этнокултуурунай ураты үөрэтии тылыгар эрэ буолбакка, профильнай хайысхаларга эмиэ туһаныллар. Бу Хотугу тыйыс айылҕалаах, ураты хатыламмат култууралаах төрүт олохтоох омуктар олохторун үгэс буолбут укулаатын чөл хаалларар уонна сайыннарар кыаҕы биэрэр.
Саха сиригэр агротехнологическай хайысхалаах оскуолалар аан бастаан 1988 сыллаахха тэриллибиттэрэ. “Оскуолатааҕы агрохамсааһын” идеятын төрүттээччилэринэн академик А.В. Чугуновы, П.П. Кондратьевы ааттыыбыт. Бастакы агрооскуоланан Чурапчы улууһун Дириҥ орто оскуолата буолар.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата аграрнай үөрэҕи сайыннарыы боппуруоһун болҕомто киинигэр тутар, наадалаах нуормалыыр-быраап базата тэрилиннэ. 2009 сыллаахха агрооскуолалар уонна кэтэх хаһаайыстыбалар сайдыыларын туһунан Бырабыыталыстыба уурааҕын ылынары ситиспиппит. Маны сэргэ кинилэр үлэлэрэ-хамнастара тыа оскуолаларын судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан уонна үөрэх туһунан сокуоннарынан көмүскэнэр.
Агрохайысхалаах оскуолалар сайдалларыгар профильнай үөрэҕи киллэрэргэ федеральнай эксперимеҥҥэ кыттыбыппыт уонна Дуальнай үөрэх концепциятын ылыммыппыт көмөлөспүтүгэр саарбахтаабаппыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 30 улууһугар уонна Дьокуускай куоракка 96 агрооскуолаҕа оҕолору үлэнэн иитэбит, нэһилиэнньэҕэ наадалаах идэни ылалларыгар үөрэтэбит. Кэлиҥҥи кэмҥэ агрохайысхалаах оскуолалар географиялара кэҥээн, Аллайыаха, Анаабыр, Эдьигээн уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар тэрилиннилэр.
Көс оскуолаларга – “күөх уоту”
ЮНЕСКО бырайыагын олоххо киллэрии, Концепцияны уонна сокуону ылыныы көмөтүнэн Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кэккэ оскуолаларга “көс оскуола” статуһа иҥэрилиннэ. Оҕону төрөпүтттэриттэн араарбакка эрэ үөрэтэр дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөргө, үгэс буолбут дьарыгы чөлүгэр түһэрэргэ уонна чөл хаалларарга, оҕону омугун төрүт култууратыгар, төрөөбүт тылыгар, үгэстэригэр, төрөөбүт дойдутун харыстыырга үөрэтэргэ олус улахан суолталаах.
Биһиги учуонайдарбыт оҥорбут көс оскуола сэттэ тирэх киэбин Россия регионнара (Амур уобалаһа, Красноярскай кыраай, Ямало-Ненецкэй, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук) эрэ буолбакка, Скандинавия, Хотугу Америка уонна Африка оскуолалара эмиэ туһаналлар.
2000 сыллар ортолоругар федеральнай миниистир Андрей Фурсенко Саха сиригэр үстэ кэлэ сылдьыбыта. Ол кэлиититтэн бииригэр киниэхэ Өлөөн улууһун Харыйалаах көс оскуолатын көрдөрбүппүт. Өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота киэҥин, уонна сорох сиргэ тиийэргэ уустуктардааҕын тус бэйэтинэн көрөн-билэн, Андрей Александрович миниистир быһыытынан биһиги бырайыактарбытын өрүү өйүүр этэ. Бэйэтэ эппитин курдук, “Саха сирин көҕүлээһиннэригэр күөх уоту” биэрбитэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит – хатыламмат, ураты
Регионнааҕы үөрэх уратыларын учуоттуур үөрэх былааныгар тохтуоххайыҥ. Бу сүрүннүүр докумуон үөрэнээччилэр аудиторнай ноҕоруускаларын уопсай кээмэйин уонна муҥутуур кээмэйин, үөрэтэр предметтэринэн уонна кылаастарынан арааран, уруок таһынааҕы тэрээһиннэр хайысхаларын быһаарар.
90-с сылларга оскуола министиэристибэнэн бигэргэтиллибит үөрэх былаанын 16 варианыттан биири талар этэ. Варианнар үөрэтии тылынан, предмет уонна чаас ахсаанынан уратылаһаллар этэ. Биир кэлим Базиснай үөрэх былаана ылыныллыаҕыттан, 1999-2000 үөрэх дьылыттан оскуолалар бу былааҥҥа тирэҕирэн бэйэлэрин былааннарын оҥостор, педагогтар саҥа сүүрээни киллэрэр, эксперименниир кыахтаммыттара.
2005 сыллаахха Базиснай үөрэх былаана оҥоһуллубута, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатынан бигэргэтиллибитэ. Былаан сүрүн уратытынан үөрэх таһынааҕы үлэ (бырайыактарынан үлэ-хамнас, практика, консультациялар) бюджеттэн үбүлэнэр буолбутун бэлиэтиибит. Национальнай, этнокултуурунай уратыны Россия үөрэҕэр холбуу киллэрии, оҕо уруок таһынан сайдар кыаҕын кэҥэтии, уонна, сүрүнэ – үбүлээһин боппуруоһун эрдэттэн быһаарыы саҥа стандарт (ФГОС) ирдэбилин чэпчэкитик ылынарбытыгар уонна толорорбутугар көмөлөспүттэрэ. Ону федеральнай экспертэр эмиэ бэлиэтээбиттэрэ. Холобур, “Учуутал хаһыатын” кылаабынай редактора, Россия Үөрэҕин министиэристибэтин иһинэн Уопсастыбаннай сэбиэт чилиэнэ Петр Григорьевич Положевец “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уратылаах. Сөп суолу тутуспуккут. Саха сиригэр уларытыыны киллэрии чэпчэкитик ааһыаҕа” диэн сыана быспыта.
Национальнай-регионнааҕы үөрэх эйгэтигэр Саха сирин уопутун уонна ситиһиилэрин учуоттаан, биһиэхэ стандарт олохтуур докумуоннарын оҥорорго уонна боруобалыырга кыттарга этии киирбитэ. Онон биһиги төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, оскуола иннинээҕи, алын сүһүөх уонна орто үөрэҕи төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ киллэрбит этиилэрбит барыта кэриэтэ ылынылларын ситиспиппит. Бу барыта оҕолор киэҥ Россияҕа олорор араас омуктар култуураларын, духуобунай сыаннастарын кыра саастарыттан иҥэринэн улааталларыгар көмөлөһөрө саарбахтаммат.
ФГОС олоххо киллэрии төрүтүнэн “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх туһунан” (2014 с.) сокуон буолар. Бу сокуон кэккэ ыстатыйаларыгар национальнай, этнокултуурунай уратылар учуоттана сылдьаллар. Маны сэргэ бу уратылар тыл туһунан, Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын туһунан, үөрэх кинигэлэрин туһунан, уо.д.а. сокуоннарга киирбиттэрэ.
Төлкөнү түстээбит Концепция 25 сыла
Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолалар төрөөбүт тыл уонна литература учууталларынан толору хааччыллан олороллор. Эбээн, эбэҥки, чукча уонна долган тылын А.И. Герцен аатынан РГПУ Хотугу норуоттар институттарын, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты бүтэрбит анал үөрэхтээх учууталлар үөрэтэллэр. Оттон саха тылын уонна литературатын – өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 700 кэриҥэ специалист. Итинтэн 90-тан тахса учуутал куорат оскуолатыгар үлэлиир. Арктика сирин-уотун учууталларын өйүүр инниттэн биһиги министиэристибэбит ЮНЕСКО Иһитиннэрэр технологияларын институтун кытта “Арктика учууталлара” бырайыагы үлэлэтэбит.
Биллэн турар, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии чопчу аадырыстаах үбүлээһинэ суох кыаллыбат. Национальнай оскуолаларга үлэлиир төрөөбүт тыл уонна нуучча тылын учууталларыгар үрдэтэр коэффициеннар көрүлүннүлэр, маннык нуормалар агрохайысхалаах уонна көс оскуолаларга олохтоннулар. Оскуолалары миэбэлинэн, автотранспорынан, үөрэх-лаборатория тэриллэринэн хааччыйарга, ол иһигэр саха тылын уонна литературатын, Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын типовой кабинеттарын тэрийэргэ элбэх үп-харчы ыытыллар.
Төрөөбүт тылынан үөрэтии, Саха сирин норуоттарын култуураларын чинчийии, үөрэх ис хоһоонун регион уратытыттан көрөн оҥоруу тутаах идеялара уонна бириинсиптэрэ национальнай оскуоланы саҥардарга уонна сайыннарарга туһуламмыт, төлкөнү түстээбит Концепцияҕа киирэ сылдьаллар. Ыам ыйын 19 күнүгэр Концепция 25 сааһын туолар. Онон ситимнээн, стратегическай докумуоннары салгыы тупсарыыны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох норуоттарын төрөөбүт тылларын, литератураларын уонна култуураларын үөрэтии концепциятын оҥорору былаанныыбыт. Концепция сүрүн балаһыанньатын алтынньы ыйга ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай форумҥа ырытыһыахпыт.