Феодосия Габышева: төрөөбүт тыл эйгэтин тэрийиигэ бары түмсүүлээхтик үлэлиибит

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сылтан олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Онтон ыла бу күнү Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата, общественноһа уонна дьоно-сэргэтэ сыл аайы киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтиирэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу туһунан биһиги үөрэҕирии уонна билим миниистирин бастакы собуйааччытын Феодосия Васильевна Габышевалыын кэпсэттибит.


-​ Феодосия Васильевна, быйылгы Ийэ тылыгар анаммыт тэрээһиннэр С.А. Новгородов төрөөбүтэ 125 сылыгар ананаллар. Кини саха тылыгар киллэрбит кылаатын туһунан билиһиннэриэҥ дуо..

-​ 125 сыл анараа өттүгэр — 1892 сыл олунньу 13 күнүгэр — саха норуотун сайдар кэскилин түстүүр чаҕылхай киһи күн сирин көрбүтэ. Бу – Семен Андреевич Новгородов. Кини — сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уһулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи буолар. Ону таһынан, Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт киһи. Онон быйыл сахалыы букубаар төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Баара-суоҕа биир үйэ иһигэр — ийэ тылынан үөрэтии олохсуйуоҕуттан ыла — саха киһитэ үөрэхтэнэн Ийэ дойдубут сайдыытын, төрөөбүт норуотун инники кэскилин туһугар үлэлиир-хамныыр, тус кылаатын киллэрэр, аан дойду киэҥ киэлитигэр өркөн өйдөөхтөрү кытта тэҥҥэ алтыһар.

-​ Феодосия Васильевна, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт тыллары уонна култуураны харыстыыр, сайыннарар үлэ киэҥ хабааннаахтык барар, бу туһунан кэпсиэҥ дуо?

-​ Арассыыйа Федерациятын таһымыгар бу хайысхаҕа ыытыллар араас үлэҕэ көхтөөхтүк кыттабыт. Ол курдук, дойду үрдүнэн нуучча тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтин барылын дьүүллэһиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн киирбит этиилэри ылынан, учуоттаан, кэнсиэпсийэни көннөрөн баран бигэргэппиттэрэ. Бу үрдүк ситиһии. Тоҕо диэтэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр нуучча тылын саха оскуолатыгар үөрэтиигэ, ону таһынан оҕону төрөөбүт тылынан уонна икки тылынан үөрэтии-иитии хайысхатыгар олохсуйбут научнай-методическай төрүттээхпит сыаналанна. Билигин бу Кэнсиэпсийэни биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олоххо киллэрии былаанын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтэ оҥорор сорук туруорунна. Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын 22 ыстатыйатыгар, үөрэх судаарыстыбаннай ыстандаардын мэктиэлиир чааһыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай, этнокультурнай уонна да атын уратыта учуоттаныахтаах диэн уларытыы киллэриллибитэ. Бары билэрбит курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ айылҕатынан да, климатынан да, социальнай-экэнэмиичэскэй да, онтон да атын өрүтүнэн Арассыыйаҕа биир ураты регион буолар. Ону таһынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 120 араас омук эйэ-дэмнээхтик бииргэ түмсэн олорор, икки судаарсыстыбаннай тыллаахпыт (нуучча уонна саха тыллара), оттон эбээн, эбэҥки, долган, юкагир уонна чукча тыллара официальнай тыл буолаллар. Онон Конституцияҕа киллэриллибит уларытыы үөрэх эйгэтигэр научнай, методическай уонна тэрээһин боппуруостарын тиһиктээхтик биир кэлим хааччыйары мэктиэлиир.

-​ Кэлэр сылларга бу хайысхаҕа үлэ хайдах барыай?

-​ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын туһунан стратегия «Развитие человеческого капитала» (Киһи хапытаалын сайыннарыы) диэн салаатыгар үөрэҕирии систиэмэтин иннигэр национальнай үөрэхтээһини сайыннарар, көс оскуолалары саҥардар, үөрэтии ис хоһоонун тупсарар, цифровой технологияны үөрэх эйгэтигэр киллэрэр о.д.а. улахан соруктар турдулар. Бу барыта, бастатан туран, төрөөбүт тылбытын уонна култуурабытын сайыннарар үлэни кытта эмиэ ыкса ситимнээх буолар.

-​ Тыл эйгэтигэр аналлаах туох тэрээһиннэр ыытыллалларый?

-​ Ааспыт 2016 сылга филологическай үөрэхтээһин форума буолан ааста. Форум түмүгүнэн, нуучча тылын, саха тылын, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар төрөөбүт тылларын, омук тылларын, литератураны, култуураны оҕо саадыттан, оскуолаҕа, орто уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар биир кэлимник үөрэтиигэ соруктар чопчуланнылар. Ону таһынан, бу форум түһүлгэтигэр 2017 сыл кулун тутар ыйыгар саха тылын уонна литературатын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэрин тэрийэн ыытарга, онтон аны күһүн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар төрөөбүт тылларын уонна литературатын учууталларын сийиэстэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымҥа тэрийиини көҕүлүөххэйиҥ диэн улахан суолталаах быһаарыыны ылынныбыт. Маны таһынан, биһиги оҕолорбут — үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар — нуучча тылын уонна төрөөбүт тыл Бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы олимпиадаҕа үрдүк ситиһиилээхтик кыттан, кыайан-хотон кэлбиттэринэн киэн туттабыт. Ол аата, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыллары үөрэтии хаачыстыбата таһымнааҕын, сөптөөх хайысхалааҕын кэрэһилиир диэн сыаналыыбыт.

-​ Олус киэҥ хабааннаах, дириҥ исх хоһоонноох үлэ ыытыллыбыт. Маныаха саха тылын сүмэтин, баайын харыстыыр аналлаах дьон-сэргэ миэстэлэргэ үлэтэ, оруола улахан буолуохтаах.

-​ Сөпкө бэлиэтиигит. Бу ситиһиилэрбит, биллэн туран, биһиги бары: төрөппүттэр, иитээччилэр, учууталлар, методистар, учуонайдар, суруйааччылар, кинигэ кыһатын, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ, култуура, библиотека үлэһиттэрэ, общественниктар, салайааччылар — күннэтэ кыайа-хото тутар үтүмэн үгүс үлэбит түмүгэ буолар. Быһатын, төрөөбүт тыл эйгэтин тэрийиигэ бары түмсүүлээхтик үлэлиибит, саҥаттан саҥа соруктары туруоран, иннибит диэки эрэллээхтик, тэтиммитин ыһыктыбакка хардыылыыбыт. Ол иһин бүгүн эһиэхэ, бар дьоммутугар, барҕа махталбытын тиэрдэбит.

-​  Бу күн эн баҕа санааҥ?

Сахалыы тыллаах бары дьоммун ис сүрэхпиттэн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эйэлээх, дьоллоох олоҕу, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, сомоҕолоһууну уонна туругурууну баҕарабын!

This post was published on 13.02.2017 17:56 17:56