Феодосия Габышева байыаннай хомуурга барбыттар оҕолоругар "продлёнка" киллэрэри эттэ

Байыаннай анал дьаһал усулуобуйатыгар Россия байыаннайдарыгар былаас өттүттэн элбэх өйөбүл оҥоһуллар. Оһуобай категориянан СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ буолаллар.

«Биир ньыгыл Россия» баартыйа регионнааҕы сэбиэтин чилиэнэ, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева эппитинэн, баартыйа приемнайыгар араас хабааннаах ыйытыылар киирэллэр.

«Сүрүннээн байыаннай сулууспалаахтар кэргэттэрэ ыйыталаһаллар. Кинилэри элбэх боппуруос долгутар, онно төһө кыалларынан көмөлөһөбүт. Холобур, үлэлиир ийэлэр оҕолоругар «продленнай» бөлөхтөрү тэрийэр туһунан этиилээхтэр. «Об образовании в Российской Федерации» федеральнайдааҕы сокуонунан олоҕуран, оскуолаларга маннык усулуобуйа тэриллиэн сөп. Мин олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар оскуолаларга анал бөлөхтөрү тэрийэр туһунан этии киллэрдим, кинилэр көрүүлэригэр. Маннык көмө ордук элбэх оҕолоох уонна үлэлиир ийэлээх ыалларга наадалаах. Бары бииргэ өйөһөн үлэлээтэхпитинэ, сыалбытыгар тиийиэхпит», — диэтэ норуот депутата.

This post was published on 17.11.2022 16:33 16:33