Федеральнайдааҕы бюджеттан 1,2 млрд солк Саха сиригэр тыырыахтара. Үбүлээһин тыа сирин сайыннарыыга туһаайыллыаҕа. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна РФ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Оксаной Лут кэпсэттилэр.
Андрей Тарасенко бэлиэтээбитинэн, 2021 сылга бырагыраама туолуутугар 1 996 мөл солк көрүллүбүт, ол иһигэр федеральнайдааҕы бюджеттан — 1 894 мөл солк.
«Быйыл тыа сирин 20 олохтооҕо дьиэ туттарыгар субсидия ылла. Эдэр исписэлиистэргэ анаан Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар эбийиэктэр тутуллаллар. Чурапчы улууһугар «Сайдыы» кыбаартал, Нам оройуонугар «Мыымах» микрооройуон», — диэтэ саха сирин премьер-миниистирэ.
«Современный облик сельских территорий» бырагырааманан быйыл 15 саҥа социальнай эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бүлүү улууһугар Күбэйиндэ оскуолата тутуу кыраапыгыттан хаалан иһэрэ бэлиэтэнэр. Оксана Луту кытта бу боппуруоһу дьүүллэстилэр.
2022 сылга федеральнайдааҕы бюджеттан тустаах бырагырааманан 1 млрд 249 мөл солк көрүллэрэ этилиннэ.
This post was published on 11.11.2021 17:01 17:01