Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии дохуот киирэрин туһунан СӨ Үбүн министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
РФ Үбүн министиэристибэтэ 2023 сылга АЛРОСА-ҕа сир баайын хостооһунтан киирэр нолуогу (НДПИ) икки ыйга үрдэтэри быһаарда. Маннык миэрэ ылылларын түмүгэр, федеральнай уонна эрэгийиэн бүддьүөттэригэр эбии дохуот киирэрин туһунан СӨ үбүн миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрэр. Ол курдук, 2023 сылга алмааһы хостооһунтан нолуок быһыытынан (НДПИ) Саха сирин бүддьүөтүгэр 18,4 млрд солк. эбии киириэхтээҕэ былааннаныллыбыт. Тустаах нолуоктан тутууну икки ый устата үрдэтии түмүгэр, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии 10-нуу млрд солк. киирэн, 2023 сылга Саха сирин бүддьүөтүгэр алмаастан барыта 28,4 млрд солк тыырыллыаҕа.
Ааптар: Саха сирэ
This post was published on 14.12.2022 18:05 18:05