РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр федеральнай трассалары таһынан, билигин регионнар суолларын оҥоруу барыаҕын туһунан эппитэ. Кэлиҥҥи сылларга федеральнай суолларга 90 млрд солк. көрүллүбүтүн туһунан Ил Дархан Егор Борисов “Саха” НКИХ ханаалыгар быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ.
“Халыма”, “Лена”, “Бүлүү” федеральнай суолларга кэлиҥҥи кэмҥэ болҕомто ууруллан, үтүмэн үп көрүлүннэ. “Итини РФ тырааныспарын министиэристибэтин кытары үлэлэспиппит түмүгэр ситистибит. Аҕыйах сыллааҕыта миниистир Максим Соколову Саха сиригэр ыҥыран федеральнай суолларынан сырытыннаран балаһыанньабытын көрдөрөн турабыт. Ол кэнниттэн үбүлээһин өттүгэр өйөбүлү ылан, билигин суолларбыт биллэ тубустулар”, — диэн иһитиннэрэр Егор Афанасьевич.
Билигин аны өрөспүүбүлүкэ суолларыгар болҕомто уурулунна. Кэбээйигэ, Уус Маайаҕа диэри суоллар оҥоһулла сылдьаллар. “Владимир Путин Анал этиитигэр регионнар олохтоох суолларын тупсарыыга үбүлээһин 11 трлн солк. диэри үрдүөҕүн туһунан эппитэ. Итинтэн төһөтө Саха сиригэр тиксэрин бу диэн эппэппин. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ Уһук Илин регионнарга болҕомто ууруллубутунан, бэйэбит ирээппитин ылыахпыт дии саныыбын”, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.
This post was published on 13.03.2018 08:59 08:59