«Биһиги улахан дьыаланы оҥоробут. Сүрүн ноҕуруусканы биһиги буойуттарбыт сүгэллэр, сэбилэниилээх күүстэр. Кинилэр анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр фашизмы кытта охсуһаллар. Биһиги тыылга анал байыаннай дьайыы туһунан кэпсиибит, кини сыалын-соругун, ыччаты кытта үлэлиибит, кинилэри төрөөбүт дойдуга тапталга уонна биһиги сыаннастарбытыгар такайабыт. Билигин Украинаҕа баар фашистскай эрэһиим дьиҥ ис тутулун көрдөрөр, быһаарар олус суолталаах», — диэтэ Айсен Николаев.
Пуорумҥа анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт саха байыастарын этиилэрин истэн баран, Ил Дархан Россияны утары фашистар охсуһалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«1945 сыллаахха биһиги дойдубут фашизмы имири эспит курдуга, ити эрээри бу сыллар тухары кини сүппэтэх, төттөрүтүн, арҕааҥы содулу ылынан, улааппыт. Билигин, хаһааҥы эрэ доҕордуу Украина, фашистар өрөспүүбүлүкэлэригэр кубулуйда. Чуолаан, бүгүн биһиги дойдубутуттан, өрүү буоларын курдук, аан дойду инникитэ тутулуктаах — эйэлээхтик олоруу, кэлэр көлүөнэ бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыаннаһан, эйэлээх олоххо олоруута», — диэтэ регион салайааччыта.