Хамаҕатта нэһилиэгин үгүс чулуу дьонуттан биирдэстэрэ – Охлопков Евтропий Спиридонович. Кинини нэһилиэнньэ спорт эйгэтигэр элбэҕи уурбут, араас көлүөнэҕэ улааппыт оҕолору, ыччаты үөрэппит, олох сырдыгар сирдээбит киһинэн билэр, сыаналыыр. Олох сайдар, нэһилиэккэ үгүс кийиит, күтүөт кэлэр, ыал тоҕуоруһа мустар. Евтропий Охлопков тугунан да сыаналаммат үлэтин чугас дьоно (оҕолоро, доҕотторо, аймахтара) бэрт сылаастык санаан, 2014 сыллаахха “Аҕабыт туһунан истиҥник” ахтыы кинигэ таһааттаран история биир кэрчигэр киллэрбиттэрэ.
Нэһилиэккэ, спорт эйгэтигэр саҥаны, уратыны киллэрбит, энтузиаст Евтропий Охлопков сүрүн үлэтэ – дьоҥҥо-сэргэҕэ киинэ көрдөрөөһүн этэ. Мин эмиэ үгүс дьонтон “Кини үтүө киһи этэ” диэн этэллэрин истэ улааппытым. Ол курдук, сөбүлүүр идэтигэр 25 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит. Уола Аполлон Евтропьевич, оҕо сылдьан, аҕатынаан Хамаҕатта сайылыктарыгар (“Муҥур”, “Тиргэлээх”, “Быһыттаах”, “Убаһа Муммут”, “Бардыалаах”), арыыга тиийэн киинэ көрдөрөллөрүн кэпсииллэр. “Тиийиэхтээх сирдэрбитигэр кэллэхпитинэ үөрүүнү-көтүүнү, көрү-нары көҕүлүттэн туталлара, оҕолорго туспа бырааһынньык буолара”, – диэн улахан уола саныыр.
Евтропий Спиридонович сайынын “Убаһа Муммут” сайылыкка улааппыт. Уол сайылык оҕолорун мунньан, бииргэ түмэн оонньотор, күрэхтэһии тэрийэр дьоҕурдааҕа оччоттон баара биллибит. Бэлиэтээн эттэххэ, биллэр государственнай деятель Егор Ларионов оҕо сылдьан эмиэ Евтропий салалтатынан оонньоон-көрүлээн, сайылык оҕолорун икки ардыларыгар күрэхтэһэ улааппытын “Олох кырдьыга”, “Аҕабыт туһунан истиҥник” кинигэлэргэ ахтыбыта баар. Холобура, ыһыахтарга, улууска ыытыллар спартакиада күрэхтэһиилэригэр кытталларын урукку хаартыскалар туоһулууллар.
“Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы кэтэһиилээх оҕонон Любовь күн сирин көрөр, иккис оҕонон Елена, онтон мин, Маргарита, Светлана уонна Владислав. Бырааттаах этибит, кыра оҕо сылдьан олохтон күрэммитэ. Биһиги аҕабыт, баҕар спорт үөрэҕэр үөрэнэ барыан баҕарбыта буолуо, аны кэлэн ким билиэй, этиэй… Убай киһи буоларын быһыытынан, бырааттаах балтын көрөр инниттэн, ханна да барбакка, бары күүһүн бииргэ төрөөбүттэрэ улааталларыгар уурбут. Онтон кэргэннэнэр, ыал буолар. Дьэ, ити курдук, барытын быраҕан баран хаалбат буоллаҕа. Биһигини, чугастааҕы ыаллар оҕолорун спорт бары көрүҥэр оонньоторо уонна сөбүлээн дьарыктанарбытыгар күүскэ үлэлэспитэ (футбол, волейбол, ыстаныы, о.д.а). Арай күһүн, биир үтүө күн, биһиги түөлбэ уолаттара өрүскэ киирэн хоккейдаан элээрдэ сылдьарбытын аҕам түбэһэ көрбүтэ. Ол кэнниттэн биирдии-иккилии хаҥкы, онтон клюшка булан аҕалбыта. Ол саҕана киһи барыта хоккей көрүҥүн сэҥээрэрэ, интэриэһэргиирэ, биир тылынан эттэххэ, хоккейынан олорор этэ”, – диэн Е.М. Шапошников аатынан орто оскуола физкултуураҕа учуутала Аполлон Охлопков билиһиннэрэн саҕалыыр.
Оччолорго Дьокуускай куоракка хаҥкы, клюшка биирдиилээн, бэрт кэмчилээн “Прогресс” маҕаһыыҥҥа атыыланарын кэпсээччи этэр. Онтон, спорду көҕүлээччи (Е. Охлопков) Григорий Софронович Кокорев уолун, Кокорев Александры кытта кэпсэтии ыытан, Новосибирскай куораттан аан маҥнайгы 10 иһинэн пластик клюшкалары 1974-1975 сыллардаахха сакаастаан аҕалтарбыт. Ол эрээри, сүрүннээн, хоккей оонньуон баҕалаах уолаттар үксүлэрэ маһынан, фанеранан оҥостоллор эбит. Ама да ааспытын иһин, маһы эрбииргэ бэрт эрэйдээх үлэ буоларын энтузиаст уола билинэр. Ол курдук, Хамаҕатта нэһилиэгэр хоккейы түөрт хамаанда түөрт сиринэн түөлбэлээн оонньуура биллэр, кэпсэнэр. Оччотооҕу оҕолор катоктарын нэдиэлэ устата илиинэн күрдьэн, сиппийэн ситэрэн-хоторон таһаараллар эбит. Хаачыстыбалаах каток үчүгэй бүөбэйдээһини эрэйэрэ, күүтэрэ биллэр.
Нэһилиэккэ оҕолор умсугуйан туран хоккей оонньуулларын төрөппүттэр истэ-билэ сырыттахтара. Араас санааҕа арахсар төрөппүттэр да ханна барыахтарай. Холобурдаатахха, ким эрэ хамаандаҕа экипировка таҥас тигэн биэрэрэ эбитэ үһү, ким эрэ “Тугу да гынаргыт суох буолан, көрү-нары батыһа сылдьаҕыт” диэччилэр да биирдиилээн бааллар эбит. Тоҕото биллэрэ буолуо, куруук үлэни өрө туппут дьонтон оннук саҥа тахсыан тахсар. “Хоккеист Данилов Данил ийэтэ куруук “Бэргэн” Хамаҕатта сүүмэрдэммит хамаандата буоларын туоһулуур уонна бэлиэтиир кырасыабай вымпеллары тигэн биэрэрэ. Оттон Коля, Яша, Вася Васильевтар ийэлэрэ Александра “Тигр” хамаанда бары оонньооччуларыгар форма тигэрэ. Маннык түөрт хамаанда төрөппүттэрэ туох кыалларынан көмөлөһөллөрө биллэр”, – диир хоккеист Аполлон.
Биир кэмҥэ Евтропий Спиридонович Сэбиэти солбуйар кэмигэр, харчы тыырдаран дьиҥнээх вратарскай экипировка ылбыттар. Ол саҕана улахан ситиһии, билигин да ол экипировкалар Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ баарын уонна музейнай экспонат буолан турарын уола бигэргэтэр.
Евтропий Спиридонович Хамаҕатта оскуолатын үөрэнээччилэригэр хоккейга аан маҥнайгы чемпионаты 1977 сыллаахха тэрийэн ыыппыт. Онно “Юность”, “Чайка”, “Тигр”, “Вихрь” хамаандалар оонньообуттара дьон өйүгэр-санаатыгар букатыннаахтыы, сүппэттии хааллаҕа. Арай оонньуу түмүктэнээтин кытта, Нам уолаттара Николай Румянцев, Александр Сысолятин уонна Андрей Винокуров о.д.а. кэлэннэр оонньууну көҕүлүттэн туппуттар. Хамаҕатта уола Данилов Данил Намҥа сылдьан хоккейга оонньуох диэн сөбүлэҥ түһэрсибит. “Ол көрсүһүүгэ хамаҕатталар кыайбыппыт. Аны туран, ол сыл улуустааҕы чемпионат ыытыллыбыта. Онно Нам сэлиэнньэтиттэн үс хамаанда турбута – “Сельхозтехника”, икки этээстээхтэр уонна “Чаҕылҕан” хамаандалара. Төрдүс биһиги, Хамаҕатта сүүмэрдэммит хамаандата “Бэргэн” уонна 1-Хомустаах, Үөдэй нэһилиэктэриттэн биир хамаанда таҥыллан, талыллан кэлбитэ. Табаарыстыы көрсүһүүгэ мин аҕам судьуйалаабыта. Оонньуу түмүгэ маннык хартыынаны көрдөрбүтэ – биллэн турар, киин сир уолаттара, хаһаайыттар хаһаайыттар курдук, “Сельхозтехника” хамаандатын уолаттара баһыйа туппуттара. Биһиги икки нэһилиэк холбоһуктаах хамаандатын кыайан, арааһа, үһүс дуу, төрдүс дуу буолбуппут. Онтон өр буолбатаҕа, Хамаҕаттаҕа кыһыны атаарыы тэрээһинэ тигинээн тиийэн кэлбитэ. Тэрээһин саамай фишката буолбут оонньууга – хоккейга намнары кытта дьэ туруннубут. Кытаанах, эрийсиилээх оонньуу түмүгүнэн 10-11 хотторбуппут. Нам сэлиэнньэтиттэн талыллан кэлбит, лаппа улахан, көрүҥнээх, бөдөҥ хоккеистары кытта син уҥа-хаҥас дайбаһан, тэҥҥэ оонньоон, күүстээх хотторуу буолбатаҕыттан хамаҕатталар астыммыппыт, испитигэр эрэл үөскээбитэ.
Ол курдук, Хамаҕатта хоккейын Нам уолаттара тоҕо ааҥнаан киирэннэр, күрэхтэһэннэр сайыннарбыттара. Биллэрин курдук, бэйэҕиттэн күүстээх киһини кытта тутустаххына, оонньоотоххуна эрэ сайдаҕын, оннук буолбат дуо”, – уруккуну “Юность” хамаанда хапытаана Аполлон кэпсиир.
Онтон кыра саастаах уолаттар оонньоон саҕалаабыттар. Аппаанылар, 2-хомустаахтар оонньуулларын, баалларын биллэрбиттэр. Биир сыл, билиҥҥи улуус баһылыга, Юрий Слепцов аҕата Иннокентий Слепцов, Аппааны нэһилиэгиттэн хамаанда туруоран Хамаҕаттаҕа кэлэн оонньообуттар. Кыра уолаттар толору эпикировкалаах хоккей оонньуулларын көрөр астык этэ диэн ахта саныыллар.
Евтропий Охлопков кырдьык даҕаны, элбэх уолу спортка кынаттаабыта, улаатан эрэр оҕолору биир түмсүүлээх оҥорбута. Олортон спортка улахан ситиһиилээхтэрэ – Валентин Жирков буолар. Кини маннык хамсааһыннартан сиэттэрэн, баҕа санаатын ыһыктыбакка спорт эйгэтигэр үрдүккэ көппүтэ. Сүүрүүгэ Саха сиригэр түөрт төгүллээх чемпион (100, 200, 400 м), РСФСР таһымыгар, тыа сирин спортсменнарын икки ардыларыгар финалист. Волейбол көрүҥэр, республикаҕа түөрт төгүллээх чемпион. Тыа сирин хамаандаларыгар Россияҕа үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситиспиттэр. Валентин Дмитриевич, республикаҕа аатырбыт, биллэр “СахаВА” волейбольнай ассоцияцияны тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ. Салгыы, Ефрем Новгородов эмиэ мантан сиэттэрэн спордунан барбыт киһинэн биллэрэ. Онон, Хамаҕатта үс уола (Валентин Жирков, Ефрем Новгородов, Аполлон Охлопков) киминэн да, тугунан да солбуллубат олоххо үөрэппит тренердарын, Евтропий Спиридонович туолбатах ыра санаатын толорбуттара буолуо диэн этиэххэ.
Евтропий Охлопков төрөппүт оҕолоро бары даҕаны спорду таптыы, оонньуу улааппыттара биллэр суол. Улахан кыыһа Любовь Евтропьевна, “Ретро-Данс” народнай үҥкүү бөлөҕүн салайааччытыгар тутаах көмөлөһөөччүтэ, дьону түмэ тардааччынан биллэр. Кыра кыыһа Маргарита Охлопкова билигин Нам улууһугар сахалыы остуол оонньууларын федерациятын салайааччыта. Ол курдук, Маргарита Евтропьевна нэһилиэккэ, улууска ыытыллар күрэхтэһиилэргэ куруук аҕатыгар тутаах көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыт. Кыыһа Елена уонна уола Владислав улууска биллибит саахымаччыттар, дуобаччыттар.
Кэлин, Хамаҕатта орто оскуолатын дьиэтигэр Евтропий Охлопков аатынан саха национальнай көрүҥнэригэр улуустааҕы күрэхтэһии аан маҥнайгытын 1998 сыллаахха тэриллэн ыытыллар буолбут. Е.С. Охлопков бирииһигэр күрэхтэһиини, иитиллээччитэ Ефрем Михайлович Новгородов толкуйдаан, тэрийэн төрүттээбит.
“Биһигини физкултуура уруогар үчүгэйдик үөрэппэтэхтэрэ. Спорт эйгэтигэр суолбутун аспыт, дьиҥнээхтии сирдээн аҕалбыт киһибит – Евтропий Спиридонович буолар”, – диэн билинэр эбит.
Евтропий Охлопков аатынан саха национальнай көрүҥнэригэр улуустааҕы күрэхтэһии 1998 сылтан саҕаланан, 19 төгүл биир да сыл тохтоло суох үргүлдьү ыытыллан кэлбитэ. Санатан эттэххэ, улууска сыл аайы да буолбатар, оскуола үөрэнээччилэригэр биирдиилээн күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. “Табаарыһым Ефрем Михайлович миигиттэн, оскуола оҕолоругар аҕам аатынан национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии тэрийээри гынабын диэн көҥҥүлэтэр курдук ыйыппыта. Оскуола директора оччолорго Григорий Федорович Габышев этэ, кини салалталаах оскуола өйөөн күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Онно, сыыспат буоллахпына, маҥнайгы сылыгар түөрт-биэс оскуола кэлбитэ (Нам, Хамаҕатта саха-француз, 1-Хомустаах, Бөтүҥ нэһилиэктэрин оскуолалара). Кыттааччылар национальнай ыстаныы, хапсаҕай, тутум эргиир, тардыныы көрүҥнэригэр илин-кэлин түһүспүттэрэ.
Бу күрэхтэһииттэн улаатан эрэр уолаттар инникилэригэр элбэҕи ылбыт, кынаттаммыт, өрө анньыммыт буолуохтаахтар диэн бигэ эрэллээхпит уонна биһиги дьиэ кэргэн онтон үөрэбит. Холобура, национальнай ыстаныы көрүҥэр 1-Хомустаах уола, Дима Колесов Нам улууһуттан “Дети Азии” күрэхтэспитэ. Онтон хапсаҕайга, өрөспүүбүлүкэ биллэр бөҕөстөрө Вадим Семенов, Кузьма Сивцев куруук кытталлара. Ону таһынан, кытаанах санааны көрдөрөн, кыра эрдэхтэриттэн ылсан туран кыттыбыт, үчүгэй көрдөрүүлэри көрдөрбүт уолаттартан ааттыыбын: Колесов Сеня, Казанов Слава, Петров Женя (1-Хомустаах уолаттара), Протопопов Дима, Назаров Афоня, Мокрощупов Стасик, Гоголев Сережа (хамаҕатталар), Кутуков Вася, Тойтонов Антон (Нам), Заровняев Рома (Бөтүҥ), Попов Коля (Түбэ). Физкультуура уруогун ыытарым устата, үөрэппит үөрэнээччилэрбиттэн 20 уол уонна кыыс билигин спорт салаатын талан үөрэнэ, үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Маны умнумуохха наада, хомустаахтары мас тардыһыы көрүҥэр, Николай Элляевич Константинов дьарыктыы сылдьыбыта, бары үчүгэйдэр этэ. Билигин Николай Константинов республикаҕа мас тардыһыы сүрүн тренерэ. Маннык күрэхтэһиилэр үгүстүк ыытыллаллара наада”, – диэн күрэхтэһии туһунан сиһилии Аполлон Евтропьевич сырдатар.
Хамаҕаттаҕа 2010 сылтан бэттэх, саас буолла да эр дьон мустан, түмсэн хоккей оонньуура үтүө үгэскэ кубулуйбута. Онтон, 2012 сыллаахха, эмискэ хамаанда туруораат Нерюнгри, Алдан куораттарга ыытыллыбыт кыһыҥҥы оонньууларга айанныыллар. Ол курдук, республикаҕа “Хаһан эрэ тыа сирин хоккейа баар этэ” диэн аныгы олоххо саҥалыыттан төнүннэрбит дьонунан буолаллар – Евтропий уолаттара, Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин эр дьоно – Аполлон Охлопков, Виктор Попов (Барамыгин), Николай Харитонов, ини-бии Николай, Василий Васильевтар. Маныаха Павел Иванов салайааччылаах, улуус спордун салалтата хамсааһын тахсарыгар күүс-көмө, эҥкилэ суох өйөбүл буолбутун умнар табыллыбат. Бу олус хайҕабыллаах дьыала. Мантан ыла, киин улуустар өрө көтөҕүллэн оонньоон, тыа сирин хоккея киэҥник тарҕанар.
“Хоккейы иккис тыынныырбытыгар, аан маҥнайгы үөрэппит оҕолорбут – Григорьев Сеня, Егорка, Коля Максимовтар, Кривогорницын Юра, Мальцев Федялаах үөрэнэн саҕалаабыттара. Кэлин Эверстов Айаал, Семенов Колялыын солбуйбуттара. Билигин үөрэппит кыра уолаттарбыт номнуо улаатан “Эллэй Боотур” муус дыбарыаһыгар оонньууллар. Бэлиэтээн эттэххэ, хоккей кырдьык, 2000 сыллардаахха 5-6 сыл тохтуу сылдьыбыта.
Билиҥҥи үйэ оҕолор тула кэпсэттэххэ, төрөппүттэр оҕолорун наһаа көҥүл босхо ыыттылар дии саныыбын, биир бэйэм. Компьютерга, гаджетка оҕо наһаа охтоору гынна диэн өссө төгүл этэбин. Маннык көстүү барыбытыгар баар, мэлдьэһэр табыллыбат. Бу өттүн кыайа тутан хонтуруоллуурга уолдьаста, кэм кэллэ дии саныыбын. Аны туран, оҕолор билигин төрүт астан тэйэн эрэллэрэ киһини дьиксиннэрэр. Учууталлаан кэлбит сылларбар, кэтээн көрөөһүммүнэн оҕолор уҥуохтара кэбирээбит. Куһаҕанын талан эттэххэ, кыратык охтон түстүлэр да, эттэрин-сииннэрин улаханнык эчэтиэхтэрин сөп. Оҕоҕо ыарахан сыаналаах телефон ылыах кэриэтин, эт-хаан өттүнэн сайыннарар тэриллэри ылыахха наада дии саныыбын”, – диэн бэйэтин санаатын Аполлон Евтропьевич Охлопков этэр.
Хамаҕатта дэгиттэр чулуу уола Евтропий Охлопков оҕолорун, сиэннэрин тапталларын, биир дойдулаахтарын үтүө сыһыаннарын ылбыта үйэттэн үйэҕэ хаалыаҕа.
Ыспыраапка:
Охлопков Евтропий Спиридонович 1934 сыллаахха Нам улууһун Бырдьакы диэн алааска күн сирин көрбүт. Ийэлэрэ 17 оҕоломмутуттан үс оҕо ордубут – Евтропий, Григорий уонна Анна. Оҕолор кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ эрдэ күн сириттэн күрэнэннэр, улахан эппиэтинэһи убайдара Евтропий сүкпүт. Кэлин 1959 сыллаахха Дьокуускай куоракка киномеханик идэтигэр үөрэнээт, үйэтин тухары Хамаҕаттаҕа киинэ эйгэтигэр үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Үлэлээн саҕалыыр кэмнэригэр, Хамаҕатта нэһилиэгэр кэргэнин Евдокия Христофоровнаны көрсөн ыал буолар. Чопчулаан эттэххэ, ийэлэрэ Евдокия Охлопкова Салбаҥ сириттэн-уотуттан силис тардар. 1 разрядтаах дуобатчыт, саахыматчыт. Билигин кини олоҕун, дьыалатын оҕолоро, сиэннэрэ салҕыыллар, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылаллар, үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Евтропий Охлопков 1970 сыллаахха Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан Юбилейнай медалынан, ССРС киноматографиятын туйгуна аатынан, республика, оройуонун киинэтин элбэх грамоталарынан наҕаарадаламмыт.
This post was published on 01.02.2021 18:02 18:02