Роттердамҥа бүгүн сарсыарда олохтоох бириэмэнэн «Евровидение» бастакы полуфинала ыытыллар. Быйыл Россияны куонкуруска ырыаһыт Манижа көрдөрөр. Кини бөлөҕөр Саха сириттэн Июлина Попова баар.
Russian Woman композиция — нууччалыы тиэкистээх ылланар ырыа. 12 сыл буолла маннык көстүү бу куонкуруска буолбатаҕа. Кулун тутар 8 күнүгэр бу ырыа Россияны «Евровидениеҕа» көрдөрөр буолбута биллибитэ. «Первый канал» куоластааһыныгар талыллыбыта. Манижа иһин кыттааччы ахсаанын 39,7% куоластаабыта.
Июлина Попова 2015 сыллаахха «Главная сцена» тэлэбиидэнньэ улахан бырайыагар кыттыбыта, онтон 2017 сыллаахха — «Голос» шоу алтыс сезонугар.
Манижаны кытта «Евровидение-2021» бастакы полуфиналыгар өссө 15 артыыс араас дойдуттан кыттыаҕа.
Ыам ыйын 20 күнүгэр Роттердамҥа иккис полуфинал стартыаҕа. Онно 17 дойду кыттыаҕа.
Финал ыам ыйын 22 күнүгэр буолар. «Первый канал» биэриигэ быһа эфиргэ көстөр.