Эвинек -- айылҕа уһуктуута

“Абгар билдэ! (“Чөл олохтонуҥ!”) – диэн бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһииттэн саҕаланна үгэс буолбут айылҕа уһуктуута ыытыллар эбээннэр Эвинек бырааһынньыктара.

Эвинек – эбээн норуота бэргэнник бэлиэтээн ааттабытыныы, сайыҥҥа ааны аһар сиэр-туом дьоро күнэ. Айылҕа саамай силигилии чэчириир кэмигэр ыытыллар эбээн норуотун бырааһынньыга Арассыыйа күнүн кытта бииргэ бэлиэтэммитэ – үөһэттэн айдарыыга тэҥнээх. Омуктары биир сомоҕолуур айылгылаах норуот абыычайын уонна үгэстэрин, култууратын сүтэрбэккэ сайыннаран иһэрэ харахха быраҕыллар. Ол курдук, ыалдьыттары бырааһынньык хаһаайыттара «Дөлбүргэ» диэн сиэри-туому тутуһуннаран көрүстүлэр. Былыр ламуттар (эбээннэр) саламаны ааһаат, күн диэки диэки хайыһан баран, илиилэрин өрө ууннахтарына, халлаантан үрүҥ таба түһэн кэлэн, эбээн норуотугар уйгулаах олоҕу аҕалар эбит.

Историятын силиһэ-мутуга былыргы кэмтэн саҕаланар бүгүҥҥү эбээн норуота – биһиги Сахабыт сирин биир сүрүн киэн тутуута. Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар ассоциациялара, эбээннэр араас уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ төрөөбүт норуоттара сайдыытыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ олорор араас омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыыларыгар, норуоттар сомоҕолоһууларыгар төһүү күүһүнэн уонна өйөбүлүнэн буолаллар. Эбээн норуотун араас уопсастыбаннай хамсааһыннара биһиги бииргэ үлэлээһиммитигэр саҥаттан саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит, — диэн бэлиэтээтэ бэйэтин эҕэрдэ тылыгар СӨ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга миниистирэ Сардана Гурьева.

Араас улуустартан мустубут эбээн дьоно уонна кинилэр ыалдьыттара киэһэ хойукка диэри сээдьэлээтилэр, көрү-нары көҕүлүттэн туттулар, күрэхтэһэн ыллылар. Эвинек, аата да этэринии, сайыҥҥы ылааҥы күннэргэ ааны тэлэччи аста.

This post was published on 14.06.2016 15:04 15:04