М. К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэсэдьиэнэ Евгения Михайлова Хаҥалас оройуонугар Михаил Николаевы кытта бырастыылаһарыгар Дьокуускайга тутулла турар кэнэҕэски көлүөнэ пааркатыгар Саха сирин бастакы бэрэсэдьиэнин аатын иҥэрэргэ этии киллэрдэ.
Евгения Михайлова Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тиһигин сайыннарыыга ураты кылаатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, диэн регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Билигин Дьокуускайга кэлэр көлүөнэлэр пааркалара тутулла турар. Бу пааркаҕа Михаил Николаев кини аатын иҥэриэхпитин баҕарабыт. Сыллар ааһыахтара, ол эрээри, кини өйө-санаата, эппит тыллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ», — диэтэ ХИФУ бэрэсэдьиэнэ. Евгения Михайлова тыл этэригэр 10-с кылааска Михаил Николаев киниэхэ Дьокуускай куорат тимуровскай бөлөҕүн бастыҥ хамандыыра буоларын туоһулуур грамотаны туттарбытын санаата, уонна маны сэргэ, кини тус дьыалатыгар быыгабар оҥорбутун ахтан аһарда.
«Грамота туттарарыгар Михаил Ефимович: «Бу олоххо туох барыта буолуон сөп, онон ханнык баҕарар түгэҥҥэ хорсун санаалаах буолуохтааххын», — диэбитэ диэн Евгения Михайлова үллэһиннэ.