Евгения Михайлова: Бу сылга ХИФУ-тан элбэх киһини үлэтиттэн тохтотуу таһаарыллыбат

Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет ректора Евгения Михайлова кини салайар тэрилтэтиттэн бу сотору кэминэн элбэх киһини үлэтиттэн уураталлар үһү диэн сураҕы быһаарда. Кини этэринэн, бу сылга ХИФУ-тан тоҕус киһи үлэтин миэстэтин босхолуур.


«2011 сыллаахха ХИФУ иһинэн ДьСИТИ уонна Педагогика академиятын, ону сэргэ түөрт научнай-чинчийэр институту холбообуппут. Штакка баар үлэһит ахсаана 6 тыһыынчаттан тахсыбыта. Ити кэмҥэ устудьуон ахсаана наһаа элбэҕэ суоҕа, билигин да, кэтэхтэн үөрэнээччилэри киллэрэн туран, 17 тыһыынчаны аһардыбат устудьуоннаахпыт. Контингент быһыытынан ааҕылларынан 13300 устудьуон баар. Норматив быһыытынан, бачча ахсааннаах устудьуоҥҥа быһа холоон 1200 преподаватель үлэлиэхтээх. Биһиги холбоһорбутугар 2200 преподаватель баара, ол билигин 1400 тэҥнэстэ. Оччолорго хас да үөрэх тэрилтэтин холбооһуҥҥа, үөрэтэр састаап бэйэ-бэйэлэрин хоһуласпатын наадатыттан, штаты аҕыйаппыппыт. Биэс сыл тухары 2 тыһыынча штаты суох оҥордубут. Ол гынан баран, баарынан 200 эрэ киһи үлэтиттэн тохтообута. Ол иһин биһиги тэрилтэбитигэр үлэттэн ууратыы наһаалаата диэтэхтэринэ, мин күлүөх санаам кэлэр. Миэхэ биир эмэ биричиинэтэ суох ууратыллыбыт киһини көрдөрүҥ эрэ. Биһиги үлэтигэр суобаһа суох сыһыаннаһар, элбэх быыгабардаах уонна сэрэтиилээх эрэ сотрудниктартан босхолонобут. Хас биирдии уурайааччы үлэһиккэ быһаарыыны мин ылбаппын, үлэлиир кафедралара түмүгү таһаараллар«, — диэн быһаарда Евгения Михайлова суруналыыһы кытта кэпсэтэригэр.

Бу сылга преподавателлэр састааптарыттан 19 штат сарбыллар, ууратыыга 9 киһи түбэспит: «Олортон икки киһи олорор сирдэрин уларыталларынан уурайаллар«.

Штат сарбыллыытын ректор маннык быһаарар. 2008 сылтан дойдуга хамнаһы төлөөһүҥҥэ саҥа систиэмэ киирбитэ. Манна сүрүн оруолу «студентосбережение» диэн өйдөбүл ылбыта. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар бу критерийга улахан болҕомто ууруллубатаҕа, билигин барытын үөрэххэ киирбит устудьуоннар ахсааннарыттан  таһаарар буоллахха преподаватель чааһа уонна ставката аҕыйыыр.

Хааччыйар персоналы этэр буоллахха, 1000 киһиттэн 200 техүлэһит аутсорсиҥҥа көһөрүллүбүт. «Ол гынан баран экономия көстүбэт, ырааһы тутуу ол оннугар үрдээтэ. Хамнастара улаатта, ол иһин үлэлэрин сүтэрбэт туһуттан кыһаллар буоллулар. Ити этиллибит 200-тэн 150-на остолобуой үлэһитэ. Аутсорсиҥҥа көһөрүүгэ икки сыл үлэ ыытылынна. Үөрэх кыһата анал оборудованиенан хааччыйар, электроуотунан уонна итиинэн«, — диэтэ Михайлова.

«Онон, ким да кими да таах уураппат, улахан ууратыы бу сылга буолбат. Уларыта тутуу 2000 сылтан саҕаламмыта. Ол кэмҥэ ким да айдаан таһаарбатаҕа«, — диир ректор.

Итини сэргэ, Евгения Михайлова бэлиэтииринэн, өскөтүн киһини ууратар быһаарыы ылыллыбыт буоллаҕына, бу киһи үлэтэ суох хаалыа суохтаах. «Мин хас биирдии дьиэ кэргэннээх сотрудник үлэ буларыгар кыһаллабын«, — диэн кини түмүктээтэ.

This post was published on 13.06.2017 14:51 14:51