Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээһин чэрчитинэн СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин субуота күн национальнай култуурунай түмсүүлэр салайааччыларын кытта көрүстэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр толорор былаас бэрэстэбиитэллэрэ национальнай общиналар, казактар уонна итэҕэл түмсүүлэрин салайааччыларын кытта көрсүһүүлэрэ үгэскэ кубулуйда. Евгений Чекини кытта көрсүһүү былааннаах тэрээһин быһыытынан быйыл үһүс сылын ыытыллар.
«Бүгүҥҥү тэрээһин үс улахан суолталаах событиены кытта ыкса сибээстээх: Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 385, Саха АССР төрүттэммитэ 95, СӨ Конституцията ылыллыбыта 25 сыллара. Онон манна мустубут араас омук дьоно Саха сиригэр или-эйэни олохтуурга туһуламмыт кэпсэтиибит икки өттүттэн туһалаахтык ааһарыгар эрэнэбин. Эһиги дьоһуннаах этиилэргитин биһиги бырабыыталыстыба таһымыгар быһаарыахпыт», — диэн көрсүһүүнү премьер-миниистир Евгений Чекин аста.
Кэпсэтиини СӨ Эбээннэр ассоциацияларын салайааччыта Наталья Сметанина саҕалаата. Кини 2009 сыллаахтан үлэлиир төрүт олохтоох норуоттар олорор сирдэригэр промышленнай бырайыактары олоххо киллэриигэ оҥоһуллубут этнологическай экспертизаны саҥардары туруоруста. Ассоциация салайааччыта иккис боппуруоһунан соторутааҕыта ыытыллыбыт чукча норуотун сийиэһинэн ылыллыбыт быһаарыылары болҕомтоҕо ылалларын, буолаары турар аҕыйах ахсааннаах норуоттар алтыс сийиэстэригэр бэлэмнэниигэ өйөбүлү туруоруста.
Бастакы ыйытыыга хоруйдууругар Евгений Чекин этнологическай экспертизаны саҥардарга методиканы оҥорууга госсорудах быһыытынан уонна учуонайдары кытта кэлим научнай үлэни ыытыыга дьүүллэһии бара турарын туһунан эттэ.
Нуучча общинатын салайааччыта Людмила Медведева 2011-2012 сс. киин куоракка Этно-дэриэбинэни тутуу туһунан кэпсэтии кумааҕыга эрэ хаалбытын бэлиэтээн туран, бу тутуу туһунан боппуруоһу сөргүтэргэ этии киллэрдэ. Маны таһынан, кэлиҥҥи кэмҥэ уруккута бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэргэ быһыы-майгы кутталланан, атын дойдулартан миграннар көһөн кэлиилэрэ элбээбитин бэлиэтээтэ. Онуоха кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Дьокуускайга кириисиһи утары киини аһарга этии киллэрдэ. Маны таһынан, Людмила Медведева коррупцияны утары үлэни күүһүрдэргэ болҕомтону туһаайда.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ: «Этно-дэриэбинэни тутуу боппуруоһун инвестицияны сайыннарыы уонна предпринимательство дьыалатын министиэристибэтэ быһаарыаҕа. Бу маннык эбийиэк мусуой курдук буолбакка, туристары угуйар ис хоһоонноох үлэлээх буолуохтаах. Холобур, Саха сиригэр кэлбит турист өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык норуоттар олороллорун, кинилэр үгэстэрин билиэхтээхтэр», — диэн бэлиэтээтэ.
«Бэнидиэнньиккэ Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын министиэристибэтигэр Этно-дэриэбинэ тутуутун боппуруоһунан үлэлэһэллэригэр сорудахтыам. Туох быһаарыы ылыллыбытын эһиэхэ биллэриэхпит», — диэн эттэ премьер-миниистир.
«Раздолье» нуучча ырыатын хорун салайааччы Лидия Яйлиян «Саха” НКИХ өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуураларын пропагандалыырга туһаайыллыбыт нэдиэлэҕэ биирдэ анал биэриини ыытарыгар этии киллэрдэ.
«Биһиги, славяннар, бырааһынньыктарбытыгар аналлаах тэрээһиннэри анал халандаары тутуһан ыытабыт. Дьаамсыктар уонна казактар, армяннар, кыргызтар, бүрээттэр уо. д.а. омуктар эмиэ бэйэлэрэ туспа национальнай бырааһынньыктаахтар. Хомойуох иһин, биһиги бары ыытар тэрээһиннэрбитин чааһынай дьону кэпсэтэн, бэйэбит харчыбытыгар уһултаран үйэтитэбит. Онон араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ кыһанан бэлэмнэммит кэнсиэрдэрин, анал тиэмэлээх тэрээһиннэрин Саха сирин олохтоохторо уонна улуустарга олорор биһиги биир дойдулаахтарбыт билбэккэ-көрбөккө хаалаллар. Бу санаабытын “Саха” НКИХ салалтатыгар тиэрдэргит буоллар», — диэн сөптөөхтүк туруоруста.
Премьер-министр култуура үлэһитин этиитин ылынна.
«Мин Гражданскай уопсастыба институттара сайдыытын министиэристибэтигэр бу этиигитин тиэрдиэм. Мантан инньэ национальнай общиналар үлэлэрин сырдатыы болҕомтоҕо ылыллыаҕа», — диэн мэктиэлээтэ Евгений Чекин.
Дьокуускайдааҕы Казактар полкаларын атамана Александр Козырь ыччаты оскуола сааһыттан байыаннай-патриотическай тыыҥҥа үөрэтэр үлэлэрин ис хоһоонун кэпсээтэ. Кини 100 оҕоҕо параднай форма тиктэриигэ өйөөбүттэригэр махталын этэн туран, Улуу Кыайыы күнүгэр кытталларыгар анаан өссө 100 байыаннай форманы тиктэрэргэ 1 мөл. 600 солк. үбүнэн көмө оҥороллоругар көрдөстө.
«Аны алта сылынан Дьокуускайдааҕы казактар полкалара төрүттэммитэ 400 сылын туолуоҕа. Маныаха архыып матырыйаалларын туһанан Казачество мусуойун тэрийээри гынабыт. Сотору кэминэн былааммытын олоххо киллэриэхпит. Онон Казачество мусуойун судаарыстыбаннай реестргэ киллэрэргит буоллар», — диэн санаатын тиэртэ Александр Козырь.
Атамаан бастакы көрдөһүүтүн премьер-миниистир ылыммата: “Бюджеккэ ити эн этэр көрдөһүүгүн толорорго үп көрүллүбэт. Онон Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарар министиэристибэ граннарыгар кыттарга үлэлэһиҥ”, — диэтэ.
«Саха сирин сайдыытыгар казачество оруола улаханын өйдөөн, мусуойгутун анал реестргэ киллэрэр туһунан боппуруоһу болҕомтоҕо ыллым», — диэн эттэ Евгений Чекин.
Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолбут суолталаах тэрээһин «Арассыыйа киэргэлэ» диэн «Тетрис» үҥкүү бөлөҕө толорбут араас омук үҥкүүтүнэн уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекини кытта хаартыскаҕа бииргэ түһүүнэн түмүктэннэ.
This post was published on 24.04.2017 12:15 12:15