Этнографическай дьыктааны араас омук бэрэстэбиитэллэрэ суруйдулар

«Улахан этнографическай дьыктаан» норуоттар ардыларынааҕы аахсыйа Саха сиригэр бэһис төгүлүн бэҕэһээ, сэтинньи 4 күнүгэр ыытылынна. Быйылгы аахсыйа пандемиянан сибээстээн онлайн барбыт эбит буоллаҕына, А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 20 араас омук бэрэстэбиитэлэ дьыктааны илэ суруйда.


Аахсыйа кыттыылаахтара харыстаныы бары миэрэлэрин тутуһан, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олордулар. 45 мүнүүтэ иһигэр 20 боппуруоска эппиэттээтилэр. Бастакы уон боппуруос уопсай, Арассыыйа туһунанннар, хаалбыт уон – Саха сирин туһунан.

«Быйыл дьыктааны бэһис төгүлүн тэрийэн ыытабыт. Пандемиянан сибээстээн, Дьокуускайга соҕотох биһиги эрэ бу аахсыйаны илэ ыыттыбыт. Хомойуох иһин кыттааччыбыт ахсаанын 20-нэн хааччахтаатыбыт. Ол иһин араас омуктар бэрэстэбиитэллэрин ыҥырбыппыт. Бу биһиги Киини кытары өрүү билсэр, үлэлэһэр дьон», — диэтэ А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Розалия Колосова.

Дьыктаан түмүгүн кыттааччылар куратордарыттан билиэхтэрэ. Сөптөөх эппиэттэри тэрийээччи сэтинньи 16 күнүгэр диэри бэйэтин саайтыгар таһаарыа.

Быйыл улахан этнографическай дьыктааҥҥа Арассыыйа  85 эрэгийиэнэ итиэннэ 45 тас дойду кытынна. Дьыктаан боппуруостарын  www.miretno.ru  саайтка көрүөххэ сөп.

This post was published on 05.11.2020 11:01 11:01