Этиҥ, күүстээх тыал уонна туман: балаҕан ыйын 1 күнүгэр Саха сиригэр күн-дьыл туруга

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бэнидиэнньиккэ, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, Саха сиригэр кыра кылгас кэмнээх ардах түһүөҕэ. Хас да оройуону хабыаҕа: Ленскэй уонна Халыма-Индигир оройуоннара, ону тэҥэ күнүс – киин оройуоннар. Бу туһунан УГМС саайтыгар иһитиннэриллэр.

Киин оройуоннарга, ону тэҥэ Кэбээйи, Томпо, Дьааҥы, Өймөкөөн оройуоннарыгар сорох сирдэринэн этиҥнээх ардах, түүн туман күүтүллэр. Тыал мөлтөх, ол эрээри этиҥнээх ардахха тыал 18 м/с тиийиэн сөп.

Салгын температурата түүн киин оройуоннарга +7… +12°, хоту +3… +8°, арыллар кэмигэр -2 … + 3°. Күнүс кииҥҥэ +20… +25°, хоту +15… +20°, сорох сирдэринэн +8 … + 13°.

Дьокуускайга түүн үксүн ардаҕа суох, сарсыарда сорох сирдэринэн туман, күнүс кыратык кылгас ардах, этиҥ түһүөн сөп. Тыал соҕуруулуу-арҕаа 2-7 м/с, этиҥнээх ардахха 15-18 м/с. Түүн +10… +12°, күнүс +20… +22°.

This post was published on 01.09.2025 08:01 08:01