Этиҥ, ардах, 30 кыраадыска диэри итии: атырдьах ыйын 25 күнүгэр Саха сиригэр күн-дьыл туруга

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар атырдьах ыйын 25 күнүгэр этиҥнээх ардаҕы сабаҕалыыллар. Онуоха өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 29 кыраадыска диэри итии турарр. Бу туһунан УГМС-тан иһитиннэрдилэр.

Бэнидиэнньиккэ хотугулуу-арҕаа, соҕуруу, ону тэҥэ Томпо, Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар кыра, сорох сирдэринэн орто ардах, күнүс этиҥнээх ардах күүтүллэр. Тыал мөлтөх буолуоҕа, этиҥ түһэр кэмигэр уонна кытылга тыал 9-14 м/с тиийиэҕэ.

Түүн температура + 4…+9 кыраадыс, хотугулуу-арҕаа+9…+14°, намыһах сирдэргэ -4…+1 °кэриҥэ буолуо. Күнүс +24…+29 °, хотугулуу-илин уонна Өлөөн оройуонугар +18…+23 °, оттон кытылга +7…+12°күүтүллэр.

Дьокуускайга ардаҕа суох. Тыал соҕуруулуу-илин 3-8 м / с. Түүн температура +6…+8°, күнүс +24…+26°буолуоҕа.

This post was published on 25.08.2025 08:15 08:15