«Саха сирэ – геройдар сирдэрэ» кадр бырагырааматыгар сүүмэрдээһин хайдах ааспытын, ону тэҥэ үөрэтии сүрүн уруоктарын туһунан бырайыак кыттааччыта Эрсан Андреев кэпсээтэ.
«Сүүмэрдээһин судургута суох эрээри, сиэрдээх этэ. Бырагыраама бэйэтэ 2026 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри барыаҕа. Стажировканы ааһар кэммэр олус элбэх уопут ыллым. Мин үлэбэр ылбыт уопуппун туһанар санаалаахпын», – диэтэ анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Эрсан Андреев.
«Геройдар кэмнэрэ» — РФ президенэ көҕүлээбит федеральнайдааҕы бырайыак Саха сиригэр ураты сайдыыны ылла. Ил Дархан Айсен Николаев көмөтүнэн «Саха сирэ – геройдар сирдэрэ» регионнааҕы бырагыраама тэриллэн, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр социальнай адаптацияларыгар тутаах буолла.
This post was published on 14.08.2025 11:22 11:22