«Эркээйи кыһалара» хамсааһын Хатаска түмсэн, бырагыраама олоххо киириитин кэтээн көрөр ньымалары дьүүллэстилэр.
Бу сайын Мэҥэ Хаҥаласка буолбут педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн ыытыллыбыт «Эркээйи түhүлгэтин» быhаарыытыгар олоҕуран, ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускай уокуругун Хатас сэлиэнньэтигэр «Эркээйи кыhалара» кыттыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр-мунньах буолан ааста. Горнайтан, Намтан, Амматтан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Хатастан уонна Дьааҥыттан уопсайа 50-чэ педагог кыттыыны ылла.
Көрсүhүү маҥнайгы олугар баhылык Е.П. Пермяков салалталаах Хатас төhүү тэрилтэлэрэ түөлбэ таhымыгар бука бары биир бырайыак тула түмсэн, ыкса үлэлиир, айар-тутар, сонуну тобулар, саҥа аартыктары арыйар кыахтарын билиhиннэрдилэр. Эркээйи кыhалара (пилотнай тэрилтэлэрэ) уонна түсчүттэрэ (бырагыраама ааптардара) нэhилиэк баhылыга Евгений Петрович «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ис хоhоонугар дириҥээн киирбитин, ыччат сайдар эйгэтин тэрийэргэ быhаччы кыттыhа олорорун олус диэн сэргээтилэр. Инникитин «Эркээйи эргиирэ» бырагыраамаҕа «бүттүүн нэhилиэгинэн киирии» ньымаларын тобулар наадатын ыйдылар.
Иккис курдук, «Эркээйи эргиирэ» ааптардара бырагыраама иитинэн туох үлэ бара турарын, үлэҕэ-хамнаска туохха ордук болҕойуохха наадатын, инники былааннар уонна оҥоhулла сылдьар үлэ (оробуочай) бырагыраамалар туhунан сэhэргээтилэр. Итини таhынан бырагыраама олоххо ыпсыытын, итиэннэ биир оҕо таhымыгар туох уларыйыы, сайдыы, ситиhии баарын сыныйан көрөргө аналлаах ньымалары (критерийдэри, показателлэри, инструментарийдары) чопчулуурга бэйэлэрин көрүүлэрин: хайдах оҥорор табыгастааҕын туhунан иhитиннэриилэри оҥордулар.
Эбиэт кэннэ бары кыттааччылары бөлөҕүнэн арааран, дьыссаат, оскуола уонна эбии үөрэхтээhин тэрилтэлэрин үлэhиттэрин санааларын истии буолла. Тус уопукка олоҕуран «оҕо бэйэтэ бэйэтин сайыннарынар эйгэтин» (ол аата тыл, сыhыан, «өй-санаа уонна дьарык» эйгэлэрин) хайдах тутары, «оҕону сайыннарар эйгэҕэ үлэ (дьарык) хайдах ыытыллыахтааҕын», тиhэҕэр оҕо үс сааhыгар, салгыы дьыссааты, алын сүhүөх кылаастары, орто уонна улахан оскуоланы бүтэрэригэр сайдыы ханнык таhымыгар тахсыбытын кэтээн көрөр кэриҥнэри уонна көрдөбүллэри ырытыстылар. Киирбит уонна этиллибит санаалар барыта өссө биирдэ көрүллэн, сааhыланан докумуон быhыытынан ситиэхтэрэ. Ол кэннэ эспиэрдэр санааларын биллэриэхтэрэ, түмүккэ СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин бирикээhинэн бигэргэнэн үлэҕэ киириэҕэ. Инникитин көдьүүстээх уонна тыыппалаах үлэлээх тэрилтэлэри, биирдиилээн бырагыраамалары, бырайыактары, педагогтары таларга, кинилэри өйүүргэ кыах үөскүө.
Тэрээhин сабыллыытын чааhыгар Хатас дьыссаатын иитиллээччилэрэ уонна оскуолатын үөрэнээччилэрэ олоҥхоттон быhа тардыыны толорон, сэминээр кыттыылаахтарын үөртүлэр, сүрэхтэрин сылаанньыттылар. Салгыы 2023 сыллаахха иккис куонкурус түмүгүнэн «Эркээйи кыhата» статуhу сүкпүт тэрилтэлэргэ СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин аатыттан туоhу суруктары уонна вывескалары туттардылар. Түмүккэ тэрийээччилэр 2025 сылга олунньуга Тааттаҕа уонна кулун тутар ыйга Бүлүүгэ былааннанар өрөспүүбүлүкэтээҕи мэтэдиичэскэй сэминээрдэргэ кытталларыгар ыҥырыы оҥордулар, диэн СИА-ҕа суруйда Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоhуктарын сойууhун пресс-киинэ.