Эргиллибэт эдэр сааһы иккистээн эргитэн

Бүгүҥҥү биһиги кэпсээммит сааһырбыттыы санаммат, кырдьары кыйдаабыт кыырыктыйбыт баттахтаах эрээри үҥкүүнэн дьарыктанан бириэмэни тохтоппут, эдэрдии эрчимнээх дьон туһунан.

Эбээлэр, эһээлэр эдэр саастарын эргитэн, “Көмүс күһүн”,- диэн үҥкүү ансаамбылын тэринэн, чэпчэкитик дугунан, көрөөччүлэр иннилэригэр умнулла быһыытыйбыт сэбиэскэй кэмнээҕи баальнай үҥкүүлэри толоро сылдьаллара ааспыты санатар, уруккуну өйдөтөр, долгутуулаах көстүү. Үлэ үөрүүтүн, олох амтанын билбит аҕам саастаах дьон атааннаах-мөҥүөннээх орто туруу дойду араас моһоллорун, күннээҕи түбүктэрин аахсыбакка, үөрэ-көтө үҥкүүлүүлээн дэгэйэ сылдьалларыттан көрбүт эрэ сөҕөр-махтайар .

“Көмүс күһүн” үҥкүү бөлөҕүн төрүттээбит дьон аан бастаан 2007 с. киин куорат сэриигэ уонна тыылга бэтэрээннэрин ортолоругар үҥкүү конкурсун биллэрэн, тэрийэн ыыппыттара. Бастакы конкурс үрдүк тэрээһиннээхтик барыытыгар республика культураҕа туйгуна Маргарита Васильева улахан сыратын уурбута.

Биллэрин курдук Саха сиригэр сэрии ыар сылларын кэнниттэн аан дойду норуоттарын баальнай үҥкүүлэрэ ордук киэҥник үҥкүүлэнэр буолбуттара.

Онтон 70 сыллартан саҕалаан аныгылыы үҥкүүлэр үтүрүйэннэр баальнай үҥкүүлэр сыыйа умнууга барбыттара, сааһыра барбыт эрэ дьон долгуйа ахта-саныы сылдьар кэмнэрэ баара.

Кэлин кэмҥэ анал үөрэхтээх хореографтар баальнай үҥкүүлүүргэ улахан болҕомтолорун ууран сөргүтүүгэ туруммуттара махталлаах дьыала. Бу үтүө, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт хамсааһыны республика культураҕа үтүөлээх үлэһитэ, «Мозаика” үҥкүү коллективын салайааччыта Михаил Захарович Сивцев уолунаан Юрий Алексеевтыын сатабыллаахтык иилээн-саҕалаан күн бүгүн Саха сирин үгүс улуустарыгар 8 саастаах оҕоттон 80 саастаах аарыма кырдьаҕастарга тиийэ краковяктаан, тустептаан битийэр буоллулар.

Улуу кыайыы 65 сылыгар анаан 2010 с. баальнай үҥкүүлэргэ бастакы республика таһымнаах конкурс ыытыллыбыта, онно 60 саастарыттан үөһээлэр бары биир бөлөҕүнэн куоталаспыттара. Историяҕа киирбит бастакы конкурс кыайыылааҕынан Софья Неустроева уонна Петр Титов тахсаннар улуу Кытай республикатыгар босхо баран күүлэйдээн кэлэр путевканан наҕараадаламмыттара. Иккис миэстэ буолбут Прасковья Терешкина уонна Иван Данилов эмиэ босхо Санкт-Петербурга путевканан күүлэйдээн кэлбиттэрэ.

Иккис республикатааҕы конкурска 2011 с. кыайыылаах үрдүк аатын сэрии, тыыл үлэ бэтэрээнэ Роман Охлопков уонна тыыл, үлэ бэтэрээнэ Александра Татаринова ылбыттара. Ол курдук сэрии, үлэ бэтэрээннэрэ олохтон хаалбакка, тэҥҥэ эрэ буолбакка, инники күөҥҥэ сылдьалларын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүттэрэ. Ама, онтон ким астыммат, үөрбэт, киэн туттубат буолуой?!

“Көмүс күһүн” үҥкүү бөлөҕүн ветераннара олорбут олохторунан, үлэлээбит үлэлэринэн бары даҕаны чөл, сырдык суоллаах олох, тыыннаах холобурдара, киһи эрэ сүгүрүйэр, ытыктыыр дьоһун мааны дьоно. Ытык кырдьаҕас, сэрии бэтэрээнэ Охлопков Роман Романович тоҕус уонун аастар да билигин даҕаны эдэрдии эрчимнээхтик үҥкүүлүү сылдьарын көрбүт эрэ барыта сөҕөр, бу бэйэтэ туспа Гиннес рекорда диэтэххэ омуннааһын буолбатах.

2012 с. “Кыайыы вальса” диэн билиҥҥи аатын ылбыт үһүс республика таһымнаах конкурска эмиэ «Көмүс Күһүнтэн” Александра Новгородова уонна Пантелеймон Федоров бастааннар Кытайга путевканан наҕараадаламмыттара. Ити курдук үс бастакы конкурска кыайыылаах үрдүк аатын ылбыт «Көмүс күһүн” үҥкүү бөлөҕүн чилиэннэрэ кэлин да, атын үгүс үҥкүү конкурстарыгар көхтөөхтүк кыттан элбэхтик кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ, бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. Ол курдук бэлиэтээн ааһабыт Васильева М.Ф., Иванова К.И., Кривошапкин Н.П., Новикова Е.П., Птицын И.И., Верёвкина Е.К., Верёвкин Ф.И., Москвитина А.А., Павлов В.К., Иванова Е.Н., Тихонов А.А. уонна да атыттары.

2011 сыл муус устар ый 26 күнүгэр Маргарита Васильева этии киллэриитинэн, “Көмүс күһүн” үҥкүү ансаамбыла официально тэриллибитэ, салайааччынан Неустроева Софья Алексеевна, уус-уран салайааччынан Васильева Маргарита Фоминична, анаммыттара.

Онон бу икки киһи ансаамбылы төрүттээбит, атаҕар туруорбут дьон буолаллар.

2012-2014 с.с ансаамбыл старостатынан Валентина Кривошапкина таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, ааспыт сылаахтан кинини суохтапакка старостанан Иван Ермолаев ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. .

Онон быйыл муус устарга “Көмүс күһүн” ансаамбыл тэриллибитэ биэс сыла туолла.

Бүгүн сааһырбыттыы санаммат, кырдьары кыйдаабыт, дьоһун мааны дьон падеграс, падеспань, краковяк, тустеп, вальс уонна сахалыы үҥкүүлээн бардахтарына, эчи хаарыаны кинилэр курдук кэрэтик үҥкүүлүү үөрэммит киһи баар ини, дьоллоох да дьон диэн умсугуйа-ордугургуу көрөөччү элбэх.

Көмүс күһүннэр конкурстарынан эрэ муҥурдамматтар, куорат санаторийдарыгар, профилакторийдарыгар, инбэлииттэр дьиэлэригэр концертаан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэ-бэлэх оҥороллор, үөрүү кыымын саҕаллар. Дьону үөрдэ сылдьартан ордук бу орто туруу дойдуга ама туох баар буолуой. Итинник концертар кэннилэриттэн көрөөччүлэр да көрдөрөөччүлэр да бэйэ-бэйэлэригэр махталларын биллэрсэн үөрүүлэрин үллэстэллэр, икки өрүт үөрүү сүүйүүлээх хаалаллар. Ити курдук сэрии кэмигэр тыылга үлэлээбит бэтэрээннэр, дьоллоох оҕо сааһы билбэтэхтэр, инбэлииттэргэ, ыарыһахтарга кэрэ үҥкүүлэрин бэлэхтээн төһөлөөх эрэл кыымын сахпыттара буолуой?! Маны таһынан көмүс күһүннэр чугас сытар нэһилиэктэргэ, улуустарга элбэхтик гастролга сылдьаллар.

Ити курдук көмүс күһүннэр эдэрдэргэ сааһырыахтарыгар дылы айымньылаахтык үлэлииллэригэр, доруобай сылдьалларыгар тыыннаах үтүө холобур буолаллар.

Ансаамбыл чилиэннэрэ үҥкүүнэн эрэ муҥурдамматтар үгүс ахсааннаах концертарын тойук туойан доллоһутар, оһуокай таһааран ойуоккалатар, хоһоон этэн чоргуйар, ырыа ыллаан дьиэрэтэр дьоһун дьоннордоохтор, ол курдук Екатерина Новикова., Иннокентий Птицын норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор уонна этно фестиваллар хас да төгүллээх лауреаттара, Владимир Орлов уус-уран ааҕыыга быйыл Дьокуускайга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс дипломана, Николай Кривошапкин, Василий Павлов, Прасковья Терёшкина хас биирдиилэрэ туспа суоллаах-иистээх ырыаһыттар.

Ансаамбыл сылтан сыл ахсын кэҥээн, сайдан иһэр, республикаҕа, куоракка ыытыллар араас культурнай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Быйыл ансаамбылга чаҕылхай дьон биллиилээх, хореограф Мария Соловьева кэргэнинээн Егордыын, хоһоон айааччы Анатолий Петров уо.д. а кэлэннэр улахан сэргэхсийиини таһаардылар. Бу күннэргэ биэс сыллаах кэрэ-бэлиэ кэмнэрин таһымнаахтык көрсөөрү көмүс күһүннэр саамай көхтөөх, актыыбынай, тумус дьонноро Августа Москвитина, Анатолий Петров, Егор Соловьев, Евдокия Атласова, Иван Ермолаев тэрээһин үлэ үгэнигэр сылдьаллар. Түгэнинэн туһанан кэрэни кэрэхсээччилэри, үҥкүүгэ сүгүрүйээччилэри ыам ыйын күнүгэр 16 чааска, ХИФУ Культурнай Киинигэр “Көмүс күһүн” биэс сылын бэлиэтиир “Дууһам иэйэр аргыһа – үҥкүү” диэн үбүлүөйдээх кэнсиэригэр ыҥырабын уонна ансаамбыл кыттыылааҕа Анатолий Петров “Көмүс күһүн” диэн хоһоонун бэлэх уунабын.

Көмүс күһүн

Көмүстүүр күһүммүт эргийдэр,

Кыраһа баттаҕы хаарыйдар,

Эдэрдии хамсанан тураммыт,

Эрчимник үҥкүүлээн ылабыт.

Эбээлэр, эһээлэр буоламмыт,

Эриэккэс дьарыгы талбыппыт,

Үлэлии үөрэнэн хааламмыт,

Үөрүүнэн кэлэбит, мустабыт.

Урукку кэммитин сөргүтэн,

Үтүктэн, иккистээн тиллэрэн,

Долгуйа устабыт эргийэн,

Дьоннорбут иннигэр толорон.

Сүһүөхпүт үрдүгэр сылдьаммыт,

Санааны, сүргэни көтөҕөн,

Симиибит олохпут сарыалын,

Саҥалыы сыдьаайар кустугун.

This post was published on 25.04.2016 09:45 09:45