Эр киһи доруобуйатын туһунан аһаҕас кэпсэтиигэ doctor_nikolaii ыҥырар

Быйыл тохсунньу ортотун саҕана социальнай ситимнэринэн эмчит Николай Григорьев-Маганскай сарсыарда эрдэ атах сыгынньах тиэргэнигэр тахсан, хаарынан «дууштана» сылдьара тарҕаммыта. Интэриниэти соҕотохто “тоҕо тэппит” дьарык уонна да атын эр киһи доруобуйатын тупсарыыга туһуламмыт сүбэлэр тустарынан суруналыыс Елена Потоцкая edersaas.ru сайтка таһаарда.


Сарсыарда аайы сүүрэр, дьарыктанар эмчит Николай Григорьев-Маганскай блогер быһыытынан эрчиллиигэ, чөл олоҕу тутуһууга, доруобуйаны харыстаныыга социальнай ситимнэр нөҥүө сүбэлэрин, санаа атастаһарын үгүс киһи бэркэ интэриэһиргээн ааҕар.

Уролог, эндокринолог, андролог бырааһы кытта кэпсэтэбит.

ИЙЭ ИҺИТТЭН САҔАЛААН

— Уол оҕо доруобуйатыгар ордук туохха болҕомтону ууруохха нааданый?

— Ийэ, хат буолаат, иһигэр сылдьар оҕотун сайдыытыгар болҕомтолоох буолуохтаах. Эр киһи буолан улаатара, оҕо ийэ иһигэр сылдьар кэмиттэн быраас көрүүтүгэр-истиитигэр барыахтаах. Төрөөтүн кытта, неонатолог быраас көрөр-истэр. Туох эмэ ыарыы баар буоллаҕына, ону суох оҥорорго сөптөөх үлэ ыытыллар. Онтон салгыы оҕо учаастактааҕы педиатр илиитигэр киирэр. Онно сылга биирдэ, оҕо сайдыытын көрөр толкуйтан, уол оҕону урологка хайаан да көрдөрүөхтээхтэр. Дьиҥэр, уол оҕоҕо олох кыра эрдэҕиттэн урологическай ыарыы үгүс буолар. Ордук кырачаан киһини фимоз, крипторхизм диэн ыарыы буулуур.

Фимоз — уол оҕо ууһуур уорганын төбөтүн сабар сарыы тириитэ арыллыбат буолуутун этэллэр. Бу 7-9 сааһыгар диэри ыарыыга киирсибэт эрээри, бырааска салгыы көрдөрбөккө, уһатан, эпэрээссийэҕэ тиэрдиэххэ сөп. Сатаан арыллыбат сарыы тирии анныгар кир мунньуллар, ыарытар. Онон уол оҕо доруобуйатыгар  улахан болҕомтону ууруохха наада. Крипторхизм сахалыыта “буоттук ыарыы” дэнэр. Сымыыт аллараа түспэккэ, үөһэ ханаалга хаалан хаалар. Уол оҕо бу ыарыытын кэмигэр булбакка, аармыйаҕа барыытын саҕана көрүү кэмигэр булан, соһуйуу бөҕө буолаллар.  “Буоттук ыарыы” (крипторхизм) ыарыы эр киһи доруобуйатыгар олус улахан охсуулаах.

ДЬАХТАР КУРДУК ЭР КИҺИ ТОҔО ЭЛБЭЭТЭ?

— Николай Николаевич, кэлиҥҥи кэмҥэ дьахтардыҥы эр киһи олус элбээбитэ бэлиэтэнэр. Ол төрүөтэ тугуй?

— Уол организмын оҕо буоһатар эттиги оҥорон таһаарыытын уоргана мөлтөхтүк сайдарын ааһан, “тестостерон” диэн эр киһи буолар гормонун оҥорон таһаарыы эргиирэ атыннык барар. Дьахтар хат сырыттаҕына, маатката оҕотун хам тутарыгар анаан “прогестерон” диэн эми иһэрдэллэр. Ол эмп уол оҕо тестостеронун баттыыр. Ол түмүгэр уол оҕо организмыгар дьахтар гормона элбэхтик үөскүүр. Ол эбэтэр уол оҕо организма, өйө-санаата дьахтар киэнин курдук буолар.

Гомосексуализм үөскүүр биир сүрүн төрүөтэ манна сытар. Эр киһи айылгытын сүтэриитэ гормонтан тутулуктаах. Онон уол оҕо организмыгар улахан уларыйыы тахсар кэмигэр кини доруобуйатын чинчийбэккэ хаалыыга төрөппүт буруйдаах. Аны оҕону көрөр быраас үксэ — дьахтар. Этэ-хаана саҥа сайдан эрэр обургу уол ис иһиттэн кыбыстанньаҥ айылгылаах. Онон дьахтар эмчиккэ организмыгар туох эмэ мэһэйдэтэрдээх уол оҕо, ыалдьар да буоллаҕына, кыбыстан, кэмчиэрийэн кэпсээбэт, көрдөрбөт. Өссө бу уол соҕотох ийэ оҕото буоллаҕына, сайдыыта бэйэтин дьаалатынан устар.

УОЛ ОҔОНУ ХАЙДАХ ИИТИЭХХЭ?

Уол оҕоҕо эр киһитин айылгытын сүтэрбэтин наадатыгар манныкка болҕомтону ууруохха:

• Уол оҕо уойумуон наада. Уойуу хайаан да тестостерон кыччааһыныгар тиэрдэр. 12-13 саастаах уол оҕо уойара кини организма тестостерону оҥоруутун намтатар.

• Уолу кыратыттан хамсана үөрэтиэххэ. Эрчиллэ, дьарыктана, хамсана сылдьар эр киһи организма гормональнай уларыйыыга бэриммэт.

• Тымныйыыттан харыстаныы. Тымныы, бастатан туран, төрүүр-ууһуур уорганнарга охсор. Киһи атаҕа тоҥноҕуна, төрүүр-ууһуур уорганнарга охсор. Хаан эргиирэ мөлтөөтөҕүнэ, уорган утарсар күүһэ (иммунитета) мөлтөөн, бактериялар өрө тураллар. Олохсуйбут ыарыыттан сылтаан, салгыы эр киһи төрөтөр-ууһатар уоргана мөлтүүр.

“БАЛЫК АРЫЫТЫН” ТУҺАТА

— Эн саха тустууктарыгар сыһыаннаах дьикти көрүүлээххин. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

— Билигин тустар уолаттарбыт отуттарыгар тиийэ илик, 90-с сылларга төрөөбүт уолан дьон. Оччолорго олох айгырааһына саҕаланан, эгэ, оҕону битэмиининэн хааччыйыы диэн баар буолуо дуо?! Өйдүүргүт буолуо, сэбиэскэй кэм оҕолоро бука бары оҕо саадтарыгар “балык сыатын” (рыбий жир) иһэн улааппыттара. Бу килиэккэ энергетическэй кыаҕын сайыннарар эттиги элбэтэр эмп кэриэтэ этэ. Билигин “балык арыыта” аптекаларга баар да, ону ким да аахайбат. Тоҕо? Бу оҕону битэмииннээх эбии аһылыгынан доруобуйатын бөҕөргөтүү култуурата сүтэн хаалбытын бэлиэтэ. “Д” битэмиин эмиэ сүттэ. Оҕо организма сайдыытыгар олус туһалаах битэмииннэри испэккэ улааппыт 90-с сыллардааҕы сыалай көлүөнэ үүнэн таҕыста. Килиэккэлэрэ энергетическэй кыаҕа итэҕэс дьону туһуннаран, үгүһү ситиспэтиҥ чахчы. Ол иһин тустууктарбытыгар ситиһиилээх түмүк суох. Кэһиллии тахсыбыт төрүөтүн тохтотуохха, уол оҕону кыра эрдэҕиттэн эр киһи буола улаатар кыаҕын сайыннарыахха наада.

ТУГУ ОҤОРУОХХА?

— Эр киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр култууратын хайдах сайыннарыахха сөбүй?

— Бастатан туран, өйдөтүү үлэтин ыытыахха. Билигин социальнай ситим олус сайынна. Дьон эмчиккэ көрдөрүнэн баран, ыарыыларын төрүөтүн интэриниэттэн көрдүүр, сүбэлэтэр буоллулар. Онно барыта сөп буолар быһаарыы аҕыйах. Ол иһин идэтийбит исписэлиистэр, эмчиттэр, быраастар блогер буолан, өйдөтүү, быһаарыы үлэтин ыыталлара – кэм ирдэбилэ. Дьон оннук быһаарыыга олус наадыйар буолла. Мин санаабар, Саха сирин уустук усулуобуйатыгар олорор, ол киһи организмыгар дьайыытын билэр эмчиттэр социальнай ситимнэргэ, хаһыаттарга, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ хото тахсыахпытын наада.

… Эмчит Николай Григорьевы-Маганскайы интэриниэт ситимигэр “doctor_nikolaii” диэн аатынан көрдөөн, инстаграмтан уонна фейсбуктан булуохха сөп. Маны тэҥэ, андролог быраас сотору кэминэн “Саха” НКИХ ханаалыгар бэйэтэ биэрии оҥорорго, киин хаһыаттарга эр дьон доруобуйатын бөҕөргөтөргө аналлаах “муннук” аһарга былаанныыр. Онон мантан инньэ интэриэһиргиир дьон андролог быраас сүбэлэрин үгүстүк ааҕар, истэр буолуохтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, ededrsaas.ru

This post was published on 25.02.2020 12:41 12:41