Хас биирдии хаһаайка бырааһынньык остуолугар саҥаттан-саҥа бүлүүдэни бэлэмнээн, дьиэлээхтэрин, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар. Эбэтэр бу сааскы бырааһынньык күн куукунаҕа эр дьон “былааһы ылыахтара” турдаҕа.
“СИБЭККИ” БЭЧИЭННЬЭ
Сымыыт уоһаҕын саахары кытта булкуйуллар. сымнаабыт арыыны, ньыһыллыбыт эбэтэр маҕаһыын иэдьэгэйин эбэн, бурдугу кутан тиэстэ мэһийиллэр. 30 мүнүүтэҕэ холодильникка угуллар. Изюму мясорубкаҕа эрийиллэр (эриэхэни эбиэххэ сөп), барыанньа кутан убатыллар. Бэлэм тиэстэни 3-4 чааска үллэрэн баран, чараас гына тэнитиллэр, изюмунан сыбанар. Тиэстэнэн холкутук рулет эрийиллэр. 1,5-2 сантиметр уһуннаах төгүрүктэри сытыы быһаҕынан бысталанар. Аллараа өттүн кыратык үмүрүтэ тутуллар. Духуопкаҕа 170-180 кыраадыска саһарыар диэри буһарыллар. Ирдэниллэр бородуукталар: — 2 сымыыт — 1-1,5 ыстакаан бурдук — ¾ ыстакаан саахар — 200 гыраам иэдьэгэй — 200 гыраам ынах арыыта — 200 гыраам изюм — 2-3 ньуоска малина эбэтэр дьэдьэн барыанньата.
БОЛГАРСКАЙ БИЭРЭС
Биэрэһи устунан аҥаарданар эбэтэр 3 өлүүгэ үллэриллэр. Иһин ыраастаан сууйуллар. Эриллибит эти кыраламмыт луугу кытта булкуйуллар, кыра чесногу эбиэххэ сөп. Орто помидору үлтү кырбаан кутуллар. Кыраламмыт луугу кытта ыһаарыламмыт тэллэйи, ситэ буспатах риһи сойутуллар. Тоҥ ынах арыытын улахан харахтаах теркаҕа кыһыллар. Барытын холбоон, ыксары булкуйуллар, күөх укуруобу эбиллэр. Бэлэмнэммит биэрэстэри томточчу толоруллар. Томатнай соуска уган, кыра уу кутан, бастаан улахан уокка, онтон кыччатан, бэлэм буолуор диэри хобордооххо буһарыллар. Эбэтэр халыҥ түгэхтээх иһиккэ уган, помидору кырбаан эбэтэр томат паастатын кыра бурдугу кытта ууга суурайан кутуллар. Сүөгэй кутуллар, сыыры таммалатыллар уонна итии духуопкаҕа хаппахтаан буһарыллар.
БЫАРТАН РУЛЕТ
Быары ыраастаан, сууйан, убаһа ис сыатын кытта эрийиллэр итиэннэ сымыыт, үүт, кыралаан бурдук эбэн мэһийиллэр, туус, тума эбиллэр. Быар маассата блины тиэстэтинээҕэр арыый да хойуу буолуохтаах. Лииһи мас арыытынан сотон, быары чараас гына тэнитэ кутан, духуопкаҕа 200 С 15-20 мүнүүтэ устата буһарыллар. Буспут быары майонезтаан, иһигэр ыһаарыламмыт луугу, моркуобу, шампиньону кутан эрийиллэр. Рулеты майонеһынан сотуллар уонна иккистээн духуопкаҕа 150-180 С0 буһара түһүллэр. Остуолга сылаастыы ханнык баҕарар соуһу уонна гарниры кытта ууруллар.
СИБИИННЬЭ ЭТЭ
Отон барыанньатын мүөтү уонна лимон суогун кытта булкуйан, соус оҥоруллар. Эти үрдүттэн 3-4 мм гына диагональ гына быһыллар. Духуопкаҕа угуллар анал иһиккэ ууруллар, тууһаныллар, соус сыбаныллар. Ромбиктарга гвоздика дьөрбөтүн анньыллар. Духуопкаҕа 45-55 мүнүүтэҕэ уган буһарыллар (180 С кыраадыска). Ирдэниллэр бородуукталар: — Биир киилэ сибиинньэ этэ — Улахан ньуоска отон барыанньата (вишня да барыанньата барсар) — Улахан ньуоска мүөт — Улахан ньуоска лимон суога — Гвоздика дьөрбөтө (анал аһы тупсарар тума), хайаан да буолбатах. — Туус. Мантан 5-6 буорсуйа тахсар.
АНАНАСТААХ САЛААТ
Ананааһы, эти, оҕурсуну, сыыры, тэллэйи кырбаан майонеһынан тумаланыллар. Грецкэй эриэхэнэн бүрүйүллэр. Ирдэниллэр бородуукталар: — Кэнсиэрбэлэммит ананаас — Буспут эт — Сибиэһэй оҕурсу — Сыыр — Маринованнай тэллэй — Грецкэй эриэхэ — Укуруоп — Майонез.
“БАНААН ЫРАЙА” КОКТЕЙЛЬ
Бананы, үүтү, мороженайы блендэргэ ытыйабыт. Үрдүгэр сакалааты таммалатабыт. Бэлэмниир кэммит – 5 мүнүүтэ. Ирдэниллэр бородуукталар: — 1 банан — 400 кыраам үүт — 2 улахан ньуоска мороженай — Сакалаат.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
This post was published on 06.03.2020 14:01 14:01