Дьокуускайга эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинэ тутуллар. Эбийиэги 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэрэр былаан баар, ол туһунан Айсен Николаев пресс-конференцияҕа эттэ.
«Аан дойду таһымнаах звездалар, олохтоох артыыстар, ол иһигэр олоҥхонон идэтийэн дьарыктанааччылар бу кииҥҥэ мустуохтара. Бу бөдөҥ киин биһиги култуурабыт сайдыытын стимуллуоҕа. Киин базис оруолун толорон, Саха сирэ норуоттар ардыларынааҕы бырайыактарга киирсэригэр туһалыаҕа», — диэтэ Николаев.
Баһылык эппитинэн, Киин Россияҕа элбэх бөдөҥ култуура деятеллэрин интэриэһиргэтэр.
«Тоҕо диэтэххэ, бу дойдуга соҕотох бырайыак. Регион бэйэтэ национальнай култууратын харыстыыр уонна сайыннарар сыалтан тутар, култууратын өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Россия уонна аан дойду таһымыгар таһаарыыга», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай култуура сайдыытыгар араас өрүттээх өйөбүл тосхоллор үлэлииллэрин эттэ.
This post was published on 26.12.2022 12:01 12:01