«Энциклопедия Якутии» электроннай киэбэ 2023 сыл иккис аҥарыгар үлэтин саҕалыаҕа. Ол туһунан үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжнай социальнай ситимнэргэ кэпсээтэ, суруйар СИА.
«Саха сирин энциклопедията хас да туомунан тахсар. Тахсыытыгар элбэх чинчийээччи, учуонай, кыраайы үөрэтээччи, практиктар кытталлар. Электроннай порталы үлэлэтии былааннанар. Манна дьон кылгас биографиялара, терминнар таһынан буолбут событиелар, общественнай-политическай олох, архитектура, экономика сайдыыта баар буолар. Билигин хомуйан оҥорооччулар бастакы буукубаларга сылдьаллар. Ыйынньык энциклопедистика бэрээдэгинэр Башкортостан наукаҕа Национальной академиятын кытта үлэлииллэр», — диэтэ Михаил Присяжнай.
Кини эппитинэн, билигин энциклопедия «пилотнай» эрэһиимҥэ учуонайдарга уонна исписэлиистэргэ эрэ көстөр. 2023 сыл иккис аҥарыгар, энциклопедия ыстатыйаларын верификация уонна медиафайллары угуу кэннэ, портал киэҥ араҥаҕа үлэтин саҕалыаҕа.