21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

«Энергетикаҕа сүрүннээччи» Айсен Николаев мегабырайыактары олоххо киллэрэр соруктаах

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  Ил Дархан Айсен Николаевы «Энергетика” РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин оробуочай бөлөҕүн салайааччытынан анаата. Маннык быһаарыы тугу кытта ситимнээҕий уонна өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык кыахтары аһарый? – диэн Ленскэй кулууп эспиэрдэрэ ырыттылар.

Нэдиэлэ саҕаланыыта судаарыстыба баһылыга Арассыыйа Судаарыстыбаннай сэбиэтин састаабыгар уонна структуратыгар уларытыылары киллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ол эрээри, эрдэтинэ 2020 сылга Конституцияҕа уларытыылары киллэрии түмүгүнэн оҥоһуллубут бу уорган тугунан дьарыктанарын санатыахха.

Арассыыйа Судаарыстыбаннай сэбиэтэ федеральнай киин уонна эрэгийиэннэр икки ардыларыгар үлэ көдьүүстээхтик барарыгар анаан тэриллибитэ. Бу территориялар оруолларын күүһүрдэр, бастатан туран саамай суолталаах хайысхаларынан былаас бары таһымнарыгар биир бэлиитикэни ыытар туһугар оҥоһуллубута. Судаарыстыбаннай сэбиэт, холобур, дойду сайдыытыгар национальнай сыалынан Бэрэсидьиэҥҥэ этиилэри бэлэмниир. Чуолаан, кини былаһааккатыгар билигин 2025 сылтан күүһүгэр киириэхтээх саҥа нацбырайыактар хайысхаларын дьүүллэһэллэр,  дьиэ кэргэни, оскуолалары, балыыһалары, успуорт эбийиэктэри, аэропортары уонна суоллары, сааххалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүнү, о.д.а. киллэрэн туран.

Сэбиэт оробуочай уорганнара – кини салааларынан хамыыһыйалара буолаллар. Онно федеральнай  миниистирдэр уонна губернатордар, научнай уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр. Хамыыһыйалары эрэгийиэннэр баһылыктара бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин кытта холбуу тутан салайаллар. Мунньахтар, быраабыла быһыытынан, кыбартаалга биирдэ видеосибээс эрэһииминэн ыытыллаллар. Бу манан уратылаах Судаарыстыбаннай сэбиэт президиумуттан, ону РФ Бэрэсидьиэнэ тус бэйэтэ баһылаан-көһүлээн ыытар.

От ыйын 22 күнүнээҕи Бэрэсидьиэн Ыйааҕынан Судаарыстыбаннай сэбиэт састаабыгар ааттара саҥа нацбырайыактарга маарынныыр эбии хамыыһыйалар киллэриллибиттэрэ –Федеральнай мунньахха олунньутааҕы анал этиигэ олор тустарынан этиллэр: “Дьиэ кэргэн”, “Арассыыйа ыччата”, “Уһун көхтөөх олох”, “Каадырдар” уонна “Дааннайдар экономикалара”. Билигин маннык хамыыһыйа ахсаана 21 буолла, уруккуттан баар туризмы, бырамыысыланнаһы, тыа хаһаайыстыбатын, энергетиканы, инвестицияны, о.д.а киллэрэн туран.

Билигин Судаарыстыбаннай сэбиэт састаабыгар саҥа анааһыннар тустарынан эттэххэ. Ыйаах быһыытынан, Айсен Николаевы киллэрэн туран, ону 11 губернатор ылла. Өссө 10 эрэгийиэн баһылыга салайар дуоһунастарын тутан хааллылар.

Федеральнай эспиэрдэр санаалара биир, субъект баһылыгын Судаарыстыбаннай сэбиэт хамыыһыйатын кураторынан анааһын – бу үрдүк таһымҥа икки көрдөрүүнү билинии буолар. Бастакытынан, дойду таһымыгар кэскиллээх уопуттааҕынан уонна  туһааннаах эйгэни сайыннарыыга эрэгийиэн киллэрэр кылаатынан. Иккиһинэн, эрэгийиэн тус бэйэтин баһылыга стратегическай уонна саҥаны киллэрэр кыахтааҕа .

“Саха сирин баһылыгын “Энергетика” оробуочай бөлөҕүн салайааччытынан анааһын сөптөөх, — диир Ленскэй кулууп эспиэрэ, политолог Александр Асафов.

– Эрэгийиэн Арассыыйа сырьевой өттүнэн тутулуга суох буолуутун хааччыйаары гааһы, чоҕу хостуурун эрэ элбэппэт, ону таһынан кини инникигэ туһулаан үлэлиир. Айсен Николаев этиитинэн, өрөспүүбүлүкэ минеральнай-сырьевой баазаны тэтимнээхтик улаатыннарарга анаан пилотнай субъект статуһун ылбыта. Бу идиэйэ бэйэбит дойдубут уонна айылҕаны харыстыыр технологиялар төрүттэригэр олоҕурбут «Геология: возрождение легенды» федеральнай бырайыакка  киирбитэ. Сир баайын хостооһуну дойду энергетическэй суверенитета бөҕөргөтүө, билигин бырагыраама хайыы үйэ түһээн суотуттан олохтоох бүддьүөт хаҥыырын көҥүллүүр.

“Судаарыстыбаннай сэбиэт хамыыһыйатын саҥа бэрэссэдээтэлэ кини иннинээҕи киһи оҥорбутун тутан хаалларыа, ону тэҥэ бэбиэскэҕэ бэйэтин эрэгийиэнин быраактыкатын, стратегическэй көрүүтүн уонна былаанныырын угуо диэн эрэнэбит”, — диэн суруйар Александр Асафов бэйэтин саайтыгар.

Николаев хамаандата аныгы энергетическэй уонна тырааныспартынай каркаһы сайыннарыыга ыстаапканы уурар. Мантыката суох 21 үйэҕэ экэниэмикэниы сайыннарар кыаллыбат. Ол иһин саха сиригэр энергетика эйгэтин бырайыактарыгар күүскэ үлэлииллэр, ол иһигэр энергетическэй кыамталары саҥардарга. Итиэннэ сыл улахан аҥаарыгар тымныы температура турарын учуоттууллар. Мегабырайыактар олоххо киллэриллэн эрэллэр  — Уус Куйгаҕа дьоҕус кыамталаах үрдүк технологичнай атомнай ыстаансыйа уонна БАМ-ы энергиянан хааччыйар Саҥа Ленатааҕы ТЭС”, — диэн этэр «Экспертный институт социальных исследований» АНО эрэгийиэннээҕи бырагырааматын департаменын дириэктэрэ Дарья Кислицына.

Энергетика боппуруостарыгар өрөспүүбүлүкэ иннигэр турар соруктары ситиһэргэ Госсэбиэт хамыыһыйатын салайааччытын быһыытынан  Саха сирин баһылыгын статуһа көмөлөһүө дуо? Эспиэрдэр ити боппуруоска сөптөөх диэн эппиэттиилэр. Тоҕо диэтэххэ, эрэгийиэн иннигэр турар сыаллар-соруктар баһырхайдар. Айсен Николаев баттаабыт стратегическай Ыйааҕын быһыытынан, 5 сыл иһигэр тырааныспар уонна энергетика эйгэтигэр инвестиция кээмэйэ 600 млрд солкуобайтан кырата суох буолуохтаах.

Билигин РФ бырабыыталыстыбата оҥоро сылдьар “Энергетика” национальнай бырайыага саҥа анааһыны өссө суолталаан биэрэр. ТЭК анаан кимиилээх технологияны туһанан салааны былааннаан сайыннарыы бастакы уопутунан буолуоҕа. Энергетическэй стратегия 2050 сылга диэри суоттанан оҥоһуллан турар уонна онно Саха сирэ бэйэтин дьоһун миэстэтин булуоҕа.

Герман Яковлев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА