Эмтээх үүнээйилэри хомуйуу туһунан кэпсээтилэр

«Дьыл хайдах иһэриттэн кэтээн көрөн, үүнээйилэри хомуйабыт. Ол эбэтэр саас эрдэ кэллэҕинэ, от мас тыллыыта эмиэ эрдэлиир, хойуутаатаҕына хойутуур. Ити нэдиэлэ иһинэн-таһынан буолар эбит», — диэн социальнай ситимнэргэ тарҕанна. Бу күннэргэ дьон айылҕалаан алтыһыыта элбээтэ.

Эмтээх үүнээйини хомуйуу күнүн-дьылын маннык араараллар:

● Отон сэбирдэҕэ – ыам ыйын 10-15 уонна 20-22 күннэрэ.
● Хатыҥ уута – ыам ыйын 16-18 күннэрэ.
● Ньургуһун – ыам ыйын 23-27 күннэрэ.
● Хатыҥ сэбирдэҕэ – ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри.
● Үөрэ ото – бэс ыйын 8 күнүттэн от ыйын 1 күнүгэр диэри.
● Хаас ото – от ыйын 2-3 күннэрэ.
● Оҕонньор ото – от ыйын 7-9 күннэрэ.
● Бохсурҕан – от ыйа, атырдьах ыйа.
● Харыйа от – от ыйын 11-12 уонна атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ.
● Тимэх от – от ыйын 20-24 күннэрэ.
● Кучу от – от ыйын 15-20 күннэрэ.

This post was published on 16.05.2022 17:01 17:01