Россияҕа эмп-том уонна медицина табаарыгар атырдьах ыйыгар сыана ортотунан үрдээтэ. Сыллааҕы көрдөрүүнэн 8,37% уонна 8,43% таҕыста, туһааннааҕынан. Ол туһунан ТАСС биир кэлим биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы информационнай систиэмэҕэ (ЕМИСС) олоҕуран суруйар.
Электроннай термометр (13,4%), биинтэ (19%), пустырник настойката, троксерутин, левомеколь уонна анальгин (по 18%), аспирин (16,4%), валидол (14%), валокордин (6,35%), минерала суох поливитамин (10%), макро- уонна микроэлеменнардаах поливитамин (13,31%), корвалол (11%), бромгексин (8%), таурин уонна альмагель (7%).
Сорох эмтэр 20% кытта үрдээтилэр: йод (10 мл) — 28,67%, линекс (10 капсула) – 27,74%, ртуттаах медицинскай термометр – 26,54%.
This post was published on 24.09.2020 10:01 10:01