Эмискэ тымныйыыны, ардаҕы, күүстээх тыалы Саха сиригэр борогунуостууллар

УГМС сэрэтэринэн, ыам ыйын 30 күнүгэр Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, күнүс Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга, Томпоҕо тыал күүһүрэр кэмигэр 15–20 с/м тиийиэҕэ, кытылынан — 19–24 с/м.

Күүстээх ардаҕы Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Хаҥаласка, Горнайга уонна Алдан илин өттүгэр борогунуостууллар.

Киин улуустарга +12… +17, сөҥүү түстэҕинэ +7… +12. Хоту уонна хотугулуу-илин тымныы — +1… +6. Саха сирин илин өттүгэр — +20… +25. Хотугулуу-илин +25… +30.

Дьокуускайга түүн +6… +8. Күнүс +12… +14. Сарсыарда уонна күнүс ардыаҕа.

This post was published on 29.05.2025 15:09 15:09