Кулун тутар 3 уонна 4 күннэригэр, бу субуоталаах өрөбүлгэ, Дьокуускай куоракка Хомсомуол болуоссатыгар “Саха сирин балыга – 2018” дьаарбаҥка-быыстапка буолар. Быйыл барыта маннык улахан тэрээһин үс түһүмэҕинэн (кулун тутарга, алтынньыга, ахсынньыга) ыытыллара былааннанарыттан маҥнайгы дьаарбаҥка муус аннынан бултаммыт сибиэһэй балыгы дэлби атыылаһан сайыҥҥыга хаһаанарга тоҕоостооҕунан, саамай табыгастаах уонна туһалаах буолара саарбаҕа суох.
Дьаарбаҥка-быыстапкаҕа кэлбит, сылдьыбыт киһи кэмсиниэ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, манна Аллайыаха, Усуйаана, Булуҥ курдук аатырар балыктаах улуустартан хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ кэлэн, киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар быһаччы атыылыахтара. Ону сэргэ эмис, бөдөҥ соботунан сураҕырар Кэбээйиттэн 3 хаһаайыстыба кыттыаҕа. Бу икки күҥҥэ барыта 15 балыксыт хаһаайыстыба уонна балыгы астыыр тэрилтэ бородууксуйаларын батарарга сайаапкалаабыттар. Аллараа Халыма уонна Орто Халыма балыксыттара хаар халыҥ буолан, айаннарыгар бытааран, хойутаан кэлэр буолбуттар.
«Саха сирин балыгын» сыаната төһө буолуой? Тэрийээччилэр (Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт, “Якутская ярмарка” АУо) мэктиэлииллэринэн, ырыынактааҕар лаппа намыһах буолуо. Ол курдук, чыырга, муксууҥҥа сыана 2,5 мөһөөхтөн саҕаланар. Күндүөбэй 130 солкуобайга атыыланыа. Оттон күндү балыктар – тууччах 7, хатыыс 6 мөһөөх сыаналаахтар. Собону ити күннэргэ 70-нуу солкуобайга атыылаһыахха сөп.
Өрүү буоларын курдук, атыылаһааччыларга, ыалдьыттарга анаан таайбараҥнар, күөн күрэстэр тэриллиэхтэрэ. “Балык ыраахтааҕыта” көрүү түмүгүнэн кыайбыт саамай улахан балыгы аукциоҥҥа туруоруохтара. Дьаарбаҥкаҕа сылдьыбыт дьон бары минньигэс, эмис балык миинин амсайан барыахтара.