Быыбардааччылар быыбар ахсын кими талаллара уларыйбат, утарсааччылар өрүү ылар куоластарын ылаллар, диэн санаалаах Саха сирин сибээскэ уонна иһитиннэрэр технологияларга миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев. Маны кини араас сыллааҕы чахчыларга олоҕуран этэр. Салгыы кини санаатын ааҕыҥ.
Билигин сорохтор хайы-үйэ Владимир Путин туох да мөккүөрэ суох кыайыытын туһунан этэллэр, дьону быыбарга маассабайдык аҕалыы туһунан мөккүһэллэр, үрдүк кыттыы туһунан толкуйдууллар. Сорохтор регионнар хайдах өйөөбүттэрин бырыһыанынан ааҕаллар.
Мин эмиэ биһиги оппозициябыт туһунан санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.
Холобур, Саха сиригэр Грудиниҥҥа арыый да үрдүк бырыһыан – бу хомуньуустар тустарыгар хомуллубут куолас буолбатах. Бу утарсааччыларбыт уопсай бырыһыаннара, ити сылтан сыл араас өҥүнэн уларыйар. 2004 сылга кыратык либеральнайдыҥы этэ, оттон быйыл “кытарда”. Бэлиитикэ чыпчаалыгар эмискэ “сулустар” умайаат, оннук түргэнник умуллар кэмнэригэр политологтар уонна социологтар сотору кэминэн “сахалыы” куоластааһын уратытын үөрэтиэхтэрэ.
2004 с. Ирина Хакамада сулуһа күлүмүрдээбитин өйдүүгүт? Кини, барыларын соһутан, Саха сиригэр саамай улахан өйөбүлү ылбыта. Ол быыбарга куоластааһын бырыһыана: Хакамада иһин – 8,74 быр., РФКП Харитонов иһин – 11,33 быр., Глазьев иһин – 3,35 быр. Бу утарсар күүстэр куоластарын ыллахха, быһа холуйан, 23 бырыһыан буолуоҕа.
Матырыйаалы толору “Якутия” интернет-хаһыатыгар ааҕыҥ.
This post was published on 20.03.2018 10:20 10:20