22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Емельян Ярославскай аатынан Саха музейа Санкт-Петербург куоракка быыстапка тэрийэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 17-тэн муус устар 16-гар диэри Санкт-Петербург куоракка Ем. Ярославскай аатынан Саха музейа «Якутский стиль. Наследие и творчество» быыстапканы тэрийиэҕэ.

““Биһиги бэҕэһээ көтөн кэллибит, быыстапкабыт кулун тутар 17 күнүгэр үөрүүлээх арыллыыта буолуохтаах. Арыллыыга Санкт-Петербург постояннай представительство көмөтүнэн сахалыы алгыһынан арыллыахтаах. Бары бары биир дойдулаахтарбытын Российскай этнографическай музейга кэлэн көрүҥ диэн ынырабыт”, — диэн этнография секторын исписэлииһэ Елизавета Алексеева кэпсээтэ.

Быыстапка 8 хайысхаҕа арахсар:

• XVIII үйэтээҕи эр киһи кыһыҥҥы сахалыы таҥаһа, уонна XIX үйэтээҕи сахалыы таҥас
• металлтан оҥоһуктар: батас, батыйа, кылыс уо.д.а;
• үрүҥ көмүстэн сахалыы киэргэллэр: бастыҥа, илин-кэлин кэбиһэр, кур уо.д.а.
• XVII–XIX үйэлэрдээҕи сылгы тэрилэ: ыҥыыр, үүн, кымньыы уо.д.а.
• кымыс иһэргэ аналлаах тэриллэр: симиир, ытык, күөрчэх, чороон, кытыйа уо.д.а;
• Саха музейын уонна РЭМ пуондатыттан туоһунан уонна маһынан оҥоһуктар;
• РЭМ пуондатыттан муоһунан оҥоһуктар;
• Норуот маастардарын оҥоһуктара

Тэрээһин чэрчитинэн музей үлэһиттэрэ норуот маастардарын туһунан киинэлэри көрдөрүөхтэрэ, саха национальнай таҥаһын туһунан лиэксийэ ааҕыахтара, сылгы сиэлинэн өрөөһүҥҥэ маастар-кылаастары ыытыахтара уонна оҕолорго сахалыы остуол оонньууларын оонньотуохтара.

Санатан эттэххэ, 2022 сыл сэтинньи 9 күнүгэр «Арассыыйа этнография музейа» култуура федеральнай судаарыстыбыннай бүддьүөтүнэй тэрилтэтэ уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ бииргэ үлэлээһин туһунан Сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА