Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ саҥа иһитиннэриини оҥордо. Ол эбэтэр эмчиттэргэ саба түһүү түбэлтэтигэр эппиэтинэһи кытаатыннарарга федеральнай сокуон бырайыагын оҥорор туһунан этиини уопсастыба дьүүлүгэр таһаарда.
Бырайыак РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова тус сорудаҕынан бэлэмнэннэ.
Сокуон бырайыага РФ Холуобунай кодексын 112, 115 уонна 116 ыстатыйаларыгар көрүллэр буруй састаабын элбэтиини көрөр. Онуоха санкциялар былаас бэрэстэбиитэллэригэр саба түһүүгэ көрүллэр санкцияларга тэҥнэһиэҕэ.
«Эмчиккэ буортуну оҥорооччу киһи үрүҥ халааттаах аанньалга эрэ буолбакка, медицинскэй көмөнү бириэмэтигэр ылыахтаах ыарыһахтарга буортуну оҥорорун өйдүүрэ суолталаах. Эмчиттэр оҥорор үтүө дьыалаларыгар мэһэйдээччилэр сөптөөхтүк накаастаныахтаахтар», – диэн Вероника Скворцова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Сокуон бырайыага оҥоһуллубутун туһунан иһитиннэрии regulation.gov.ru: http://regulation.gov.ru/p/54684 саайтка бэчээттэннэ.
This post was published on 21.09.2016 17:05 17:05