Элгээйигэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсөр өрөгөйдөөх тэрээһин гражданскай сэриигэ охтубут буойуннарга аналлаах пааматынньыкка гирлянда уурууттан саҕаламмыта. Бу күн үйэлэригэр үлэни өрө туппут бэтэрээн дьоммутугар анал наҕараадалары туттарыы «Оһуор» култуура киинигэр буолла.
Бу дьоро күҥҥэ туһуламмыт эрдэттэн биллэриллибит «Мин дойдум — Саха сирэ» бэстибээл чэрчитинэн тэрилтэлэр Саха АССР автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар ыыппыт үлэлэрин отчуоттаатылар. Бу барыта эҕэрдэ кэнсиэринэн, ытыс таһыныытынан доҕуһуолланна.
Кэлбит дьон бэлиэ күнү хаартыскаҕа хатаан үйэтитэллэригэр анал фотозоналар туруорулуннулар. Тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн «Бэйэ кылаатын киллэриэххэ» диэн Элгээйи тэрилтэлэрин былыргы, билиҥҥи тутууларын, пааматынньыктарын макеттарын быыстапката буолла. Үйэҕэ биирдэ буолар дьоһун тэрээһин мустубут дьон бүттүүн оһуокайынан түмүктэннэ. П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатыгар бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Сарсыардаттан үөрэнээччилэри, ыалдьыттары аантан алаадьылаах көрүстүлэр, салама ыйааһына буолла. Салгыы ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта кылаастарынан көрсүһүүлэр кэннэ «Дойдум, олоҕум туһунан сүүрбэ сыллаах көрүүм» диэн тиэмэҕэ оҕолор өйтөн суруйдулар. Бу үлэлэрэ альбомнарга тиһиллэн олохтоох түмэлгэ үйэтитиигэ ууруллуо. Өрөгөйдөөх үбүлүөйү бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин кэннэ бэтэрээн учууталлары кытта көрсүһүү, сандалы тула олорон истиҥ кэпсэтии буолла.
Бу күн «Төрөөбүт нэһилиэкпит устуоруйатын суруйуох» диэн нэһилиэк уруккутун, билиҥҥитин чинчийэр проектнай үлэ саҕаланна. Бу кейсовай ньыманан ыытыллар үлэҕэ тиэмэлэринэн аттарыллан кылаастар бөлөҕүнэн үлэлиэхтэрэ, түмүгэр Элгээйибит нэһилиэгин историятын араас хайысхаларынан сырдатар баай электроннай матырыйаал хомуйуллара күүтүллэр.
Марфа Иванова
Сунтаар сонуннара
This post was published on 30.04.2022 16:01 16:01