Элгээйигэ Ытык алаһа аана тэлэччи арылынна

Элгээйигэ былырыын сааскыттан, олохтоох дьаһалта нэһилиэк сатабыллаах эр дьонун күүһүнэн балаҕан тутуута саҕаламмыта. Маһын кэрдэн, сулуйан, эркинин бүтэрэн, ис бараанын, оһуорун-мандарын ситэрдилэр. Прокопий Егоров-Уран иилээн-саҕалаан ыытта. Онон Ытык алаһа тутулунна, үлэтэ түмүктэннэ.


Элгээйитээҕи балаҕан арыллыытын үөрүүлээх тэрээһини Евдокия Захарова салайааччылаах «Дьүһүйүү» фольклорнай ансаамбыл Егор Николаев «Элгээйибин туойабын» тойугунан аста. Кыһыл лиэнтэни нэһилиэк баһылыга Гаврил Яковлев, Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, муниципальнай сулууспа туйгуна Олег Попов, балаҕаны туппут Прокопий Егоров-Уран, «Көмүс саас» аҕа саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Маргарита Сидорова быстылар.

«Алаас» ансаамбыл алгыстаах эҕэрдэлэрин ырыанан тиэртилэр. Мустубут дьону нэһилиэк баһылыга Гаврил Яковлев эҕэрдэлээтэ уонна Ытык алаһаны тутууга үлэлэспит, нэһилиэк туһугар кыһаллар, күүс-көмө, тирэх буолар дьоҥҥо, үбүлүөйдээх ытык кырдьаҕастарга наҕараадалары, махтал суруктары туттартаата. Улуус култууратын уонна айылгытын управлениетын салайааччыта Мария Кобельянова аатыттан норуот маастара, уус Иннокентий Иванов чочуйбут мас иһиттэрин бэлэхтээтэ.

Салгыы бу үөрүүлээх күҥҥэ истиҥ эҕэрдэ тыллар этилиннилэр уонна «Ситии», «Уран» түмсүүлэр, «Алаас», «Дьүһүйүү» ансаамбыллар, норуот маастардара Лия Литвишкина, Нина Амбросьева, Сергей Зверев аатынан фольклор түмэлин үлэһиттэрэ талааннаах тарбахтарынан тигэн, өрөн таһаарбыт кылынан, кырадаһынынан, кыбытык тигиинэн оҥоһуллубут олбохтору, паннолары, чаппарааҕы, араас сахалыы иһити-хомуоһу бэлэх ууннулар.Народное

Ытык алаһа Элгээйи дьоно-сэргэтэ, аҕа саастаахтара мустан кэпсэтэр-ипсэтэр, иистэнэр, ыллаан-туойан сэргэхсийэр сирдэрэ буолуо, суруйда «Сунтаар сонуннара» https://www.instagram.com/suntaar_sonunnara/

This post was published on 30.06.2021 15:01 15:01