Элгээйигэ ырааһы түстээччилэр күрэхтэстилэр

Сунтаар улууһун Элгээйитигэр кэрэ аҥардар, ырааһы түстээччилэр «Чистота+» куонкуруска кытыннылар. Кэрэ кыргыттар, дьахталлар талааннара соһуччу арылынна, үлэ араас таҥаһын тиктэн, сонун униформаны көрдөрдүлэр.


Кыттааччылар үлэлэригэр туттар миинньиктэрэ, биэдэрэлэрэ уо.д.а. ыраастыыр тэриллэрэ эмиэ хаһааҥҥытааҕар да киэргэйэн көһүннүлэр. «Швабра краса длинная коса», «Розалар букеттара», «Мойдодыр», «Аленушка» түһүмэхтэр дьон сэҥээриитин ыллылар.

Куонкурус авангарднай муоданы көрдөрүүнэн түмүктэннэ. Манна кыттааччылар муҥура суох фантазияларынан көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр.

«Сонун куонкуруһу тэрийбиккитигэр, үлэбит ис кистэлэҥин арыйарга кыах биэрбиккитигэр махтанабыт», — диэтилэр алаһа дьиэ хаһаайкалара ырааһы түстээччилэр хатыламмат кэрэ киэһэлэрин бэлэхтээбит Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинин үлэһиттэригэр.

This post was published on 11.03.2016 16:09 16:09